Белые якуты его завалили, этого бандита, он же каратель был. Не на тех наехал и получил за свои злодеяния. Даже в Википедии написано, что он выехал на ликвидацию якутских повстанцев, а те его завалили, потому что белые то были опытные солдаты, тем более ещё и у себя на земле.
Так что не надо ничего переименовывать или разрушать памятники. Это было,и это наша история. Если будем переименовывать и разрушать наши исторические памятники, это будет нацизм,как на Украине. Надо уважать свою историю❤
Каландаришвили уулуссаны суох гынаргы петиция хомуйуох баара!
Каландарашвили Саха сиригэр туох да куһаҕаны оҥорботоҕо. Баҕар успейдаабатаҕа буолуо, ону таайан баһааҕырдар сыыһа буолуо.
@user-rx7mx9mv5p ким билиэй). Баҕар буолуо. Ол эрэн син биир дьаһайыа этилэр. Кэлэн иһэн эппит тылларын олохтоохтор сөбүлээбиттэрэ, биир үксүн ол иһин дьаһайа охсубуттар. Кини Саха сирин кыһыллартан үрүҥнэртэн босхолоон анархическай өрөспүүбүлүкэ тэрийэр былааннааҕа. Ол иһин Каладрашвилини кыһыллар үрүҥнэр кыттыһан өлөрбүттэр. Онтон эйэлэһэн бары бииргэ буолбуттара. Соҕурууттан чкалар кэлэн ол эйэни суох кыммыттара. Син биир Каландарашвили баҕатын курдук үрүҥнэри кыһыллары, бас көс дьоннорун суох кыммыттара.
Мин санаабар буолуо этэ диэн Каладрашвилини, буолбатаҕы таайан баһааҕырдар табыллыбат. Дьиҥинэн кини аата биһиги бэйэ бэйэбитин өлөрсөрбүт тохтоон, уопсай тылы булан, дойдубут туһугар диэн, эйэлэһэ сылдьыбыппытын туоһулуур аат.
Сахалар былыр былыргыттан дойдубут туһугар сомоҕолоһор күүстээхпитин билэн Каландарашвили, Пепеляев манна туспа Республика тэрийээри кэлэ сатаабыттара.
@user-rx7mx9mv5pараас тэбэлээх толкуйдаах дьон саха5а баара салыннарар дьэ😅 сыанан а5ыы кэлбитэ буолуо дии саныыр ити уэьэ суруйбут киьи, бурээттэртэн сахалары ордорон тыыталыа суога диэн дуо? Тыьыынчанан киьини дьаьайбыт элэруэхсут буолла5а…баьаа5ырдыы буолуо дуо дьиц баары этии быьаарыы буолла5а
@@АлексейАмбросьев-и8э бырааттыы бүрээт норуотун кыргыбыт, кыргыттарын күһүлээн сордоон өлөттөрбүт киһирдэх манна да кэлэн, көнөн көнньүөрбэтэ чахчы. Онон ТОҺУУРДЬУТТАРЫ ТӨХТҮРДЭРИ УОННААҔЫЛАРЫ ААТТАРЫН ААТТАТАР ӨЙДӨБҮННЬҮК ТУРУОРУОХХА БААРА.
PS. онно ыалдьыт бүрээттэри илдьэн:- бу сиргэ эһигини кыргыбыт каландарашвилини манна хара буору уоптарбыппыт, диэн тоһоҕолоон көрдөрүөххэ баара.
Саханы кыдыйа испит, бандьыыт бо. Оскуола, балыыьа туттараары ыксаан испитэ, буолуо дии саныыгын дуо? @@АлексейАмбросьев-и8э
Дьэ бу курдук историяны ыстаан биэрэргэр махтал буоллун✊
Ити Дьокуускайга баар сорох уулуссалары Сахалыы ааттыыллара буоллар!
Соп этии кландрашвили УЛАРЫТЫН!!!!
Аһа, ньургун, локуут, ...😂
Сахалыы буолбакка, Саха чулуу уолаттар ааттарынан диэ , центрга главный уулуссаларга Аммосов, Ойуунускай, Барахов , Аржаков баар буолуохтарын наада
Сэрии ветераннарын ааттарынан уулуссалары, ааттыахха, баара холобура советскай союз геройдара Фёдор Попов Фёдор Охлопков. Эбэтэр эвэнки Кульбертинов аатынан уулуссалар бааллара буоллар
Политиктар, поэттар, суруйааччылар эрэ ааттарынан буолбакка , аахтахха бары сыһыан да баар маннык историялара. Күүстээх , ученай , спортсмен элбэх биллэр дьоҥ баар инилэр ону үйэтитии бэрт буолуо эбит . Тыгын да Майагатта хаалсыбат ини
Махтал, МаСаха, олус наадалаах, туһалаах дьыаланан дьарыктанаҕын. Маладьыас! Барыта санаан хоту салаллан табыллан, сайдан истин!- диэн аҕам саастаах киһиттэн алгыста тут❤
Сүрдээх “хорсун” видео буолбут. Мэхээс өссө да маннык историяны сырдата тур✊ Тыас уус устуу таһыма 👍👍👍
Дьэ доо, Масаха Мэхээс, уоттооаах - төлөннөөх тыллара киһини үөрдэр, Историяны сырдатара үчүгэйин , бары хайысханан үлэлиир эдэр ыччаппытын өйүөҕүн - өйдүөҕүн
Каландрашвили, Поярков, Курашов, Петровскай, Дзержинскай оннугар бэйэбит чулуу дьоннорбут ааттарын биэриэххэ. Холобура Грант Григорян эҥин курдук саха искусствота сайдан саҥа чыпчаалга тахсарыгар олук уурбут дьоннор ааттара уйэтитэллэрин киһи утарсыбат.
Оннук оннук. Сопко этэ5ин
Этимэ. Таах барыта бандьыыттар да 8л8ру8хсуттэр ааттарынан ааттаммыт уулуссалар. Дьинэ утуо нууччалар да элбэхтэр буоллага- умнуллубут ссыльнай интеллигеннар, у8рэги т8руттээбит, бастакы оскуолалары онорбут дьон. Целинаны да туьэрэ кэлбит дьон аатынан уулуссалар бааллара буоллар ким да утарыа суога диэн саныыбын.
Бекетов?
Петр Алексеев олох да5аны кимин билэ5ит да?
Махтал, Масаха, сырдатар сүдү үлэҕэр! Чахчылары хомуйан, үлэ барара буоллар, достойнай ааттаах уулуссаларга кэлэр кэскилбит олоруо, айыа-тутуо этэ буоллаҕа дии!🙌🏼✅🌟
Ити Саха омугу сэнээн олорбут сыльнай ол эбэтэр тюрьма без решеток дьоннор ааттарын иҥэрэн ааттаан ахан олоробут! Бэйэбит чулуу уолаттарбыт эһээлэрбит ааттара тоҕо суоҕуй?!
Дьэ бэрт! Урукку олоҕу чинчийэн, аныгы кэмҥэ истэр олус да билиилээх-көрүүлээх буолар эбит! Элбэҕи биллибит, улахан махтал! 👏👏👏✊✊✊
Мин Хаҥаластан сылдьабын, кыра эрдэхпиттэн үһүйээннэри, ким ханна хаһан олоро сырыппытын уонна ким кэлэн ааспытын игин истэрбин сөбүлүүрүм. Биллэн турар Карандашвили туһунан эмиэ истибитим. Хайдах Иркутскайтан Дьокуускайга айаннаан истэҕинэ ханна өлөрбүттэрин уонна тугу бандьыыттаабытын.
Кини бу Төхтүргэ баар Хахсык диэн ытык сири ааһан баран уонна эргэ Табаҕа икки ардыгар баар протоканан айаннаан истэҕинэ өлөрбүттэрэ. Миэхэ эмиэ кыһыллар эбэтэр үрүҥнэр өлөрбүттэрэ диэн кэпсээбиттэрэ, ону мин үрүннэргэ охтобун. Өрүс уҥуортан киирэннэр бу протоканнан ааһыаҕа диэн сэрэйэннэр осада оҥорбуттара бастакы группа быраан үрдүттэн иккис группа аллараа үөттэр быыстарыттан ытыалаабыттара итиннэ кини өлөр.
Ол Дьокуускайга кэлэн иһэн хайдах дьаабыланарын. Дьоннор кинилэр кэлбит кэмнэригэр кыргыттарын ойохторун кистииллэрин игин истибитим.
Түмүк.
Карандашвили туһунан туох да үчүгэй тылы истибэтэҕим, барыта хайдах бандьыыттаабытын эрэ. Өйдөөбөтүм диэн биир эрэ, туохха ити киһи аатынан сэбиэскэй былаас кэмиттэн күн билинҥээҥи диэри уулуссаны ааттыахха сөп этэй. Комуньуус эрэ диэн дуо эбэтэр хорсун быһыыны оҥорбутуттан ду. Бүтүн Саха сиригэр биир да киһи суох дуо уулуссаны ааттыахха сөптөөх. Туох эрэ туораттан кэлбит бандьыыт аатынан уулуссаны ааттыыллар Саха сирин киин куоратыгар. Баҕайылар күн билинҥээнҥи диэри уларыппаттар.
Саамай сеп этии, историяны кыайбыт киьи суруйар диэн маны эттэхтэрэ
Сана мээр манна бол5омто ууруон наада эбит
Дьокуускай уулуссаларын Сахалыы ааттыырга
@@ПетрСтрекаловский-ю3шнуучалар буолан хаалан тураллар буо
Биһиэхэ эрэ итинник бандьыыттар ааттарынан уулуссалар ааттанан тураллар быһылаах, бэйэбититтэн тэргэн суолу ааттыыр дьоно һуох омук курдукпут,дьаабы ди,көннөҕүнэ табыллар бу
Уулуссаларбытын сахалыы ааттаталыаххайын Сахаза элбэх чулу уол баар
Хата уол учугэй канал арыйбыт элбэ5и кэпсиирин буоллар бэйэн дьоннун кытта билиигин уллэстэрин буоллар,саха хара5ын арыйан ис элбэх эдэр ыччат билбэт буолуохтарын сеп,саатар бэлэми кердуннэр.Мэхээс маладьыас тус олоххор ситиьиилэри✊🏼
Маннык курдук видеота таьааран ис. Лайк, коммент кененумэн доготтор✊✊✊
Уулуссалары барытын Саха ааттыахха надо , ааппытын Саха ааттаныахха нуучча хамначыта буолан бутуэххэ✊️
Коммунистар ааттаабыттара, нуучча причем
Хантан бичийэр киһи эбитин буолла, ханна хамначчыттаатын? Учугэй улэ булан улэлиэххин оттон хамначчыттаабаккаҕын, дьон уерэххэ уерэнэн игин киһи сиэринэн олороллор ди хамначчыттааһына суох😅
Саха сирин аатырбыт дьоммутун историяларын элбэхтик сырдатыахтарын наада. Бу Масаха эдэр чахчы историяны архыыбы үөрэтэн сырдатара ,кэпсииригэр махталбын тиэрдэбин. Тоҕо диэтэххэ дьон норуот ити дьиҥнээх буолбут түбэлтэлэри, докумуоннары хантан булан ааҕан билиэҕэй.
Сахалар дьоллоругар , сиэхсити уодьуганнааччылар көстүбүттэр, кэлэн былааһы илиитигэр ылбыта буоллар сахалары хааннарыгар уһуннарара хаалбыт
Аммосов, Барахов игн олохторун туьунан сиьилии видео баара буоллар, оголор эмиэ билэллэрин курдук👍👍👍
Саха интэриэьэ диэн , билигин да сэрэхтээх буолуо , а5ыйах эрээри убу дьаьайаары туруулаьаллар диэн ,
Аара кэлэн иһэн Өлүөхүмэ диэки киһи бөҕөнү кыргыбыт, дьахтар бөҕөнү күүһүлээбит дииллэр.
Поярков, Дежнев, Каландрашвили оннугар бэйэбит чулуу сахаларбыт ааттарынан ааттыахха наада!!!
Каландаришвиллины өлөрүү кэннэ,көс иһинэн олорор сахалары син биир кыргыбыттара дииллэр этэ , Исидор Барахов оччолорго ылсыбатаҕа буоллар элбэх киһини кыргыахтара хаалбыт...
билигин биьиги кинилэри уоьээ оро котогобут,
Уулусса аатын уларытарга уолдьаста.
Ити улахан Айар маҕаһыынын аадырыһа?
Саха сиригэр сыһыана суох киһи, тоҕо уулусса аатын сүгэрий? Кэлэн барбытын эрэ иһин дуо?
Дьэ петиция хомуйан уулуса аатын уларытар бэт буолуо этэ
Бэт сырдатыы👍 сочото суох киьитин эрдэ да истибитим ду аахпытым ду этэ, куустэх ойууттарбыт уда5аттар туох диэн билгэиллэрэ буоллар бу киьини ол интириэьинэй буолуо этэ...
Убайдар хата елербуттэр ди суеьуну
Тыый бэртээхэй ди👏🏼 таhым, хаачыстыба👍🏼
Сахалар туох даҕаны диэн...нуччата суох эстэр саха. Атын улахан омук мэлитэр! Үчүөйдүк историяны үөрэппэккэ мээнэ туойар бэйэни утары барыы!
Бандьыт буо хара омук!!!
Дьэ бу бэт таһаарыы буолбут👏👏👏
Интересно. Аан дойдуну аймаан баран Саха сиригэр кэлэн тобуктуур диэн. Хайдах курдук сурах барбыта буолуо сахалар тустарынан 👍 Улуустарынан кэрийэ сылдьан тоьолоох алдьархайы оноруох доьн кэлэн испиттэрэ буолуой.
Дзержинскай уулуссаны эмиэ уларытыахха сөп эбит дьигинэ...
То5о бу кэлии нууччалары ере тутан герой оностоллор памятник туруораллар олох сатаан ейбер киирбэт иьим буьар🤬. Кинилэр ааттарынан уулусса ааттылларын олох сатаан ейлеебеппун. Бэйэбибтигэр бу чулуу дьон суо5ар дылы. Саха омук аатынан буолуохтаах Саха сиригэр олоробут буотта.
Россия5а олоро5ун
Эһэрэ чуолкай буо, онно мөккүөр суох, бараховтаах, ойунскайдаах дьаһайдылар ини
Артемьев туьунан сырдатарын буоллар
Олох эпоха просвещения болбуд быхылах
Итиччэ хаан тохпут киһи Саха Сиригэр эйэни тутуһа кэлэн испитэ саарбах.
ДЬЭ,БУ НААДАЛААХ ЧАХЧЫЛАР👍махтал,өссө даҕаны устуоруйа чахчыларын күүтэбит
Аныгы кэмҥэ уулуссалар, сирдэр ааттарын сааһылаан, уларыталыахха наада. Саха сиригэр чулуу дьоннор ааттарын иҥэрэр кэм кэллэ ээ. Урукку социализм идеялара эргэрдилэр, онон историяҕа , дьоҥҥо сэргэҕэ биллэр дьоннор ааттарын иҥэриэххэ наада
Оннук урут даганы Каландрашвилы туьунан борокутэ суох санаагаа этим бэйэм сахалыы толкуйбунан билигин син ону-маны ыйданардар эбиппин диэн уордум махтал буоллун эймэхэ Масаха Мэхээс
Белые якуты его завалили, этого бандита, он же каратель был. Не на тех наехал и получил за свои злодеяния. Даже в Википедии написано, что он выехал на ликвидацию якутских повстанцев, а те его завалили, потому что белые то были опытные солдаты, тем более ещё и у себя на земле.
Кальвица уулуссаҕа Охлопков аатын иҥэрдэххэ икки Герой Сүөдэрдэр кэккэлэһэ уулусса баар буолуох этилэр.
Истиэххим баҕарбыппын иһиттим
Дьокуускайга Ф М Охлопков уулуссата ханан баарын ким билэрий?
камера хамнаабата буоллар быдан ордук буолуо эбит, бэрт ол да иьин👍🏼
Итинник уулуссалары бэйэбит чаҕылхай дьоннорбут ааттыыр кэм-кэрдиис кэллэ
Өссө уулусса аатын ааттаабыт буола буола
Саха сиригэр гражданскай сэрии туһунан видео баар, 2 чаас 30 минута уһуннаах. Онно бары событиялар барыта баар. Видео аата "Гражданская война в Якутии".
Тоҕо уулуссаҕа хайаан да киһи аатын иҥэрэллэрий?
Уулуссалары памятниктары соруйан историяларын умнубатыннар диэн оцорбуттар дуу , кинилэр ааттара суоллара ханна да суо5а буоллар умнуллан да хаалыа эбитэ буолуо
Дэлби инстага тар5атын! Репостаан
Оһуобай👍👍👍
Саха сирэ тюрьма без решеток дэнэрэ, согуруу баппат, уголовник дьоннор сахаларга кэлэн тойон буолаллар. Ити курдук хаьыахха 15-20 сыллаагыта биир статья баара, архивы хаьан историяларын уерэтэн суруйбут статьята
Билиҥҥи Саха салайааччыларбыт сыыһа ааттаммыт уулуссалар ааттарын уларытар үлэ ыыппаттара инникигэ эрэли сахпат
Билигин кэлэн нууччаны утары ыытар курдук ди сыыьа ейдуен сеп .эдэр ыччат🙌
Онон куттанан собулэьэгин
Буолар буолан бүттэҕэ ди тугу ону маны хаһан хааллыгыт инникини толкуйдуохха наада.
Өссө да интэриэһинэй биэриилэри күүтэбит
Так что не надо ничего переименовывать или разрушать памятники. Это было,и это наша история. Если будем переименовывать и разрушать наши исторические памятники, это будет нацизм,как на Украине. Надо уважать свою историю❤
Переименовать улицу ✊🏽
Мин санаабар Каландрашвили суеьу. Хата уолаттар бэрткэ елербуттэр, мутугунан 😅
Суоьу атын тэпсэргэ
Нестер Каландрашвили дьиҥнээх сиэмэх бандьыыт , хата Дьокуускайга ситэ кэлбэтэх , Табаҕа Төхтүр икки ардыгар Алдан Тоҥустара хаары уоптарбыттар , тийэн кэлбитэ буоллар төһөлөөх Саханы кыргыа биллибэт , бас - көс дьоммутун , интеллигенцияны имири эһиэ этэ
Онтон Каландаршивилины саха болтшевиктара туруорсан ыыппыттара дии,,ама ол Барахаптаах, Аммосовтаах билбэттэрэ буолуо дуо кими ыыталларын? Аны туран Каландаршвили отряда кэлбитэ дии, Строд, Байкалов, Широких Полянскай, саханы эспиттэрэ да? Суох, Строд 1920 сылларга сахадарга даже уруккута повстанецтарга убаастанар киһи этэ, дэлэҕэ репрессияланыа дуо? Аны туран каландаршвили этэрээтэ кэлэн нууча большевиктарын триумвират (агеев, козлов, лебедев) былаастарын суулларбыта былааһы бараахпатаахха саха большевиктарыгар биэрбитэ, амнистия биллэрбитэ, онон саханы имири эһиэ этэ диэн этэр олуона боло
Несторы үрүҥнэр өлөрбүттэрэ буолтах да? Төлкө кинигэҕэ сурулла сылдьар ээ. Сылластыгас Сүөдэр тоһууру оҥорон, арыйан биэрэр бытты.
гражданскай сэрии темата сурукка бичиккэ дэлэйдик киирбэтэх түмүгэр ити Киһийдээни билбэккэ хаалбыттар быһыылаах. Итинник харса хабыра суох дьон хайҕаннахтара.
Каландарашвилины Табага тумуьугар сахалар мутугунан ытан өлөрбүттэрин туһунан үһүйээн төһө чахчыта эбитэ буоллар?🤔 Мэхээс Поярков туһунан кэпсээ, ол өссө иэдээн киһи🤦🏻♂️
Хойутаан да буоллар биллэхпит, эрдэ даҕаны куһаҕан киһи дииллэр этэ, өлбүтэ даҕаны ордук эбит.Уулуссалары бэйэбит дьоммут ааттарынан ааттыаххайыҥ. Ол гынан баран Үрдүк Өһүөлээхтэрбит туох дииллэрэ буолла.Москваттан наһаа тутулуктаахтар быһылаах, уонна дуоһунастарын сүрдээҕин харыстыыллар.
Дьабы ди инник дьонору уруйдуу айхалыы олоробут сахалары кырга кэлэн испит киьини
16-17 үйэ5э нучча казактара сахалары кыргыбыттарын аах өссө,онно баар дьиикэй быһыы.
Куьа5ан санаалаах урдустар биир кэмнэ бары да кэриэтэ мустан теьелеех эдэр эрчимнээх Саханы суох гыммыттара буолуой? Буолбут буолла5а эрээри, ол са5ана сайдыыта суох тыа дьонун теье бас билбиттэринэн, сиэрэ суох кэбилэммиттэрэ буолуой! Киьи ейугэр батарбат санаалара киирэллэр. Ол са5анаа5ы тулуурдах дьон, куустээх тургутууну аастахтара.
кимнээх тоьуурга олорбуттарын билэр киьи, ол кэмнэ норуокка элбэх туьаны агалбыттар эбит
снайпердар куратордара Кривошапкин Иннокентий Захарович уонна Замятин Андрей Терентьевич кэпсэтиилэриттэн
Г.И.Лебедевтээх Каландарашвили өлөрбүттэрэ диэн сымыйа дойҕох.
Төлкөҕө наһаа аһыныгас киһини суруйбут этэ😅
Поярков каннибал, ону өссө үйэтитэн уулусса аатын биэрбиттэр
Киниэхэ син биир буоллаҕа дии. Бүрээт Саха.
Элбэҕи биллим🤟
Саханы эьэрдии кэлэн испит киьи боо елербетехтере буоллар саханы эьиэ эбит
Наоброт сахалары быһыы кэлэн испит киһи, Каландарашвили этэрээтин Аммосовтаах, Бараахаптаах ыыталлар, ити холуннарыы буолар, ол саҕана былааһы триумвират диэн козлов агеев лебедев диэн нуучалар тутан олороллор, олор былаастарын сууллара кэлэр дед этэрээтэ, ону соруйан тоһуурга түбэһиннэрэллэр, ол гынан баран отряд главнай киһитэ Строд эрдэлээн кэлэн тыыннах ордор, триумвират былааһын сууллараллар, былааһы саха большевиктарыгар Барахаптаахха биэрэллэр, амнистия биллэриллэр, улам повстанчество тохтуур
Абрек буо,ороспуойдаан сылдьыбыт киһи
@@VasiliyFilippov-tl6qj дворянин, кутаиси гимназиятын бүтэрэн, учительскай семинарияҕа үөрэммит, россия императорскай армиятыгар сулууспалаабыт киһи, наһаа нудьу балай абрек киһи буолбата ини, ол саҕана учительскай семинария диэн балай да улахан үөрэх кыһата бо
Тыгын Дархаммытыгар памятник ,болуоссат да суох.
Ресторан баар ди😅
Тойоттор арыгылыыр , кыарсар сирдэрэ диэ 😂
Аржанканы Ойунускай дьиэххэ
Оннук буоллагына бары сэбиэскэй былааһы олохтооччулар хараларыгар дылы хааннаахтар, непосредственно, косвенно, бары
Сөпкө дьаһаммыттар.
Элбэх истибэтэх иьиттим махтал эссэ да салгыы таьаараар
Эдэр ыччат ааспыт олохпут историятын билэрэ учугэй
Уулусса аатын уларытан Михаил Артемьев диэххэ
Оччо уулусса аатын уларытагт да?
Омуктар истэригэр тапсыспат буолууну эрэ уоскэтимэн. Баччаанны дылы атын омуктардыын син утары турсубакка тиийэн кэллибит.
Каланращвили дьиэн белогвардейстары кыргыбыт киһи буоллаҕа улуу киһи баайдары утары киирсибит киһи эн лучще Бекетов туһунан теманы таарыйыаххыный ол ордук элбэх Саханы урусхаллаабыт киһини
БАСТААН ААППЫТЫН УЛАРАТЫАХХА!! УУЛУССА ЭРЭ ОРУОЛУ ООННЬООБОТ
Нучаларын туох ааннььа дьону ыыппыттар уьу оччолорго, тоьо элбэх саха дьоммутун куьулээн сэнээн олордулэр ини, если билигин нуччалар билигин бэйэлэрин нуччаларын тылларын санарбат дьону кэннитээн уогэр буоллахтарына.
Целай деревняннан эстилэр ини
билигин кэлэн нуччалар атахтарын салыы сылдьабыт
Поярков уулуссатын Николаев диэн уларытыахха баар
Оннук Манчаары аатын биэриэххэ
Каландрашвили кабинетка олорбута буолуон сеп.Тугу онорбуттарын соро5ун билбэтэ буолуо.Олохтоох сахалар эмиэ кыттан кэллэхтэрэ.Ол кимнээхтэрий?
Сахалыы историяны киллэрэр Кэм кэллэ оскуола5а. Бэт да буолуо этэ о5олорбут дин чахчаны билэллэрэ. Толкуйдаах эдэр ыччаттар хартыынаны уларытыахтара этэ
Дьоккууйскай уулассалара бүтүннүү кэриэтэ маннык дьон аатынан ааттанан тураллар бта😂ама ону билбэт саха баар боллаҕа ду,билбэт якут дэлэйэ боло а так.саха баҕас билэр ини барытын!
Онто убаьа этигэр кэпсиир киьи сымыйаны кэпсээбит дуо?😮
Нестор Каландарашвили туһунан киинэ баар. Онно кинини анархист курдук көрдөрөллөр. Урукку киинэ. 70-с сыллардаахха көрбүтүм. Онно билбитим соччото суох киhитин.
Онтон ити уулуссалар нууччалыы ааттарын утаран суруйбут дьоҥҥо толкуйдаан баран суруйуҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Кыһыллар баалларын тухары
Каландрашвили хоодуот
Кыһыл өйдөөх аҕыйаатаҕына
Каландрашвили дьиҥ чахчыта
Кимэ ханныга дьэ биллиэ
Уулусса аатын уларытарга ол уулусса олохтоохторугар дьиҥ историяны, докумуону көрдөрөн туран сөбүлэҥ ылан уларытарга сөп бөҕө буоллаҕа😊
Олох куьаган киьи буо
Маладьыас. Мин итини билэр этим. Бэрээдэги кэьэр бандьыыт.