ЮРИЙ БОЛЬШАКОВ - «Охотный двор» салайааччыта | GELIXMAX

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 16 гру 2024

КОМЕНТАРІ • 529

  • @ВенераТихонова-ь4в
    @ВенераТихонова-ь4в 3 роки тому +2

    Булт сиэрин туомун, Юрий Большаковы киьи быьыытынан, сиэрдээх дьицнээх саха булчута буоларын арыйар наьаа учугэй кэпсэтии буолбут. Ону керен баран 40 тан тахса сыллаагыта бастакы кус бултаабыт тугэммин санаан кэллим. Мин, чороччу улаатан эрэр кыыс ого, саас аайы агам кустуу барарыгар илин кэлин тусуьэн, мончуук кырааскалаьар, оччотоогу алтан ботуруоннары иитиьэр идэлээгим. Саамай астынарым диэн, кып кыракый мээрэйдиир тимир кружканан дэрэбиинэни холуста меьееччуктэн томточчу баьан ылары. Аны туран, кустуу таарыйа, агам кунуьун саьаан кэрдэрэ. Дэриэбинэттэн 7 км ыраах Чэмпэрэ урэххэ рюкзакка ыьык сугэн сатыы илдьэрим. Дьэ оннук биир утуе чуумпу туун кус манаьар дьолго тигистим. Миэхэ 16 лаах сааны туттаран кэбистэ. Уонна дурдаҕа олоробут. Сотору согус икки кус сааскы борук сорукка чугас согус кэлэн тустулэр. Агам чочумча буолаат, эн хацаьын, мин уцатын хамаанданан ытабыт диэн баран, чэээ! Диэтин кытта, тардан кэбистим. Иккиэннэрин таппыппыт, тыынан устан киирэн, ылаттаата. БУЛЧУТ диен куьу элэрбут этим...
    Чэ, итинник. Ол оҕо сааһым улуьуйуутуттэн арай ый аайы биирдэ Байанай кулуупка баран сыал ытарым хаалбыт. Кер, саха булчут хаана дьахтарга да бэрсиллэр эбит.

  • @ivanshishigin8449
    @ivanshishigin8449 3 роки тому +4

    Бэртээхэй биэриини онорбуткут уолаттар ! Сынньанан - дуоhуйан олоробун.
    Хас биирдии саха киhитэ айыл5аны кытта ыкса сибээстээх-ситимнээх. Мин куоратка олорор - улэлиир буоламмын быыс булан дойдубар та5ыстахпына дьоллонобун. Куоратка киhи быара-тыына хаайтарар, онон саас-куhун кус сезона аhылынна да куораттан тэйэ сатыыбын . Айыл5аны кытта алтыhан, бултаан-алтаан, чугас до5отторгун кытта уорэ-кото кэпсэтэн, сынньанан кэлэрин олус да учугэй. Хайдах айыл5аха сыhыаннаhа5ын , сиэри - туому тутуhа5ын да оннук же кини эйиэхэ этпиэттиир. Бултаан, Дуоhуйа сынньанан, Айыл5аттан эбии куус ылан. Эбиитин илиигэр тутуурдаах, оттук харалаах дьиэ5эр кэлэрин кунду буолар.
    Булчут ма5аhыын улэhиьтэригэр сайдыыны, иннигит хоту бара турун, сыалгытын ситиhин !

  • @n_uruj_03_n
    @n_uruj_03_n 3 роки тому +2

    Саха омуга омук быьыытынан сайдара хас биирдии саха киьититтэн тутулуктаах. Кини утуе санаатыттын, терут тылын билэриттэн уонна онно сыьыаныттан, саха омук дьиннээх историятын билэриттэн уонна харыстыырыттан, сиэрдээх майгылаах буоларыттан, олох уйгутун сатабыллаахтык уьанарыттан уонна итэ5эллээх буоларыттан улахан тутулуктаах.
    Хас биирди омук терут тыллаах, сирдээх, сиэрдээх, омугу кемускуур сокуоннаах уонна терут итэ5эллээх буолла5ына тумсуулээх буолар уонна эрэллээхтик сайдар оннук сайыннарыах кэскиллээх саха мындыр дьоно тахсан иьэллэриттэн киьи уерэр уонна эрэллэхтик сахалар сайдан иьэбит диэн эрэллэхтик этиэххэ сеп✊🏼
    Саха киьитигэр этигэр хааныгар мындыр ейугэр баар булт умсулҕана диэн баран утуйары умнан, сылайары-элэйэри аахсыбакка, Сахабыт сирин баай хара тыаларын сыыйар, киэҥ далай эбэлэрин эҥсэр сорсуннаах -Саха эр бэрдэ оноьуута айыл5алыын алтыьыыта оннук✊🏼Ыралара ыраас, санаалара киэҥ, сатабыллара үрдүк, дьулуурдара куустээх буоллун!
    САХА САХАТЫНАН КЭРЭ✊🏼✊🏼✊🏼

  • @Chokona1
    @Chokona1 3 роки тому +2

    Олох ушуей санаалах киьи эбит, маннык убайдах киьи батыьа сылдьан субэ ылыа эбит😅

  • @Гаврил-о1ф
    @Гаврил-о1ф 3 роки тому +2

    Бэрт сэргэх ки4ини толкуйдатар уерэтэр ыраас санаалаах киэн кэпсэтии буолбут...Булду айыл5аны харыстаан сиэрдээхтик сырыттахпытына инникигэ эрэллээх буолуохпут! Улэ5итигэр олоххутугар Байанайгыт мичик гына сырыттын!

  • @ЛеонидАлександров-з3и

    Эҕэрдэ буоллун бар дьоммор!Охотный двор диэн кыра 3эт.строительнай павильон баар этэ,сыаната удамыр үчүгэй сөбүлээн сылдьан ону маны кыра бултка туттуллвр тэриллэри атыылаһааччыбын,термокурумуу ылбытым билигин да кэтэбин.Онтон сүтэрэн кээспитим ол маҕаһыыны,онтум бу улахан Охотный двор маҕаһыын буолбутуттан сөҕө махтайа үөрдүм ахай!Маладьыас уол,бэккэ тэриммит!Улахан өссө төгүл сайда үлэлии тураргар баҕарабын!

  • @МихаилРязанский-ж1й

    Эдэр киьи диэтэххэ ологу анааран керуутэ, айылгага киьилии сыьыана бу билинни ситиьиитигэр тиэрпит эбит диэн ейдеетум. Айылгалаах, сиэрдээх, улэьит киьи бу олоххо охтон-тэмтэрийэн биэрбэт. Юрийга ессе да инники кэскиллээх былааннара олоххо киирэн истиннэр диэн алгыыбын. Бэйэм эмиэ кыралаан тыага сылдьар буолан элбэхтэ себулээн сылдьар магаьыыным. Инник магаьыыннар элбээн, конкуренциялара улаатан табаардара да тупсан иьэр, сыаналара да удамыр буолан иьэриттэн сэмээр, кистээн уерэбит.
    Макс маннык бэйэбит испититтэн тахсыбыт учуей уолаттары устан сырдатарын олус бэрт. Киьи мотивация беге ылар, астынар, уерэнэр. Киьи уеруен иьин инник уолаттарбыт элбээн иьэллэр. Онон кытаатын ✊✊✊

  • @ВладиславЗахаров-ю8н

    Дьоллоох буол! Бэт лааппылар, киьи астына атыылаьар.

  • @АйталаанаРожина
    @АйталаанаРожина 3 роки тому +2

    Махтанабын! Олус бэрт, ис киирбэх кэпсэтии буолла. Кырдьык тугу барытын быра5ан туран биир тыынынан кердум. Бу Юрий курдук сиэр еттунэн таhымнаах дьон сахабыт сиригэр элбээн иhэллэриттэн киhи олус уерэр! Олох кытаанахтык себулэhэбин - киhи бу дойдуга дьоллоох буолаары кэлэр, олох олорор. Дьиннээх дьолу ситиhэргэ материальнай эрэ сыаннас, баай-дуол, былаас, билии тиэрдибэт. Манна бастатан туран духовнай сыаннас (киhи киhитэ буолааhын, сиэр-туом, бэйэ5э сыhыан, дьонно сыhыан, айыл5а5а сыhыан) бастакы, главнай куеннэ туруохтаах дии саныыбын! Онно сирдиир ити Юрий эппитин курдук биhиэхэ5э Саха сиригэр духовнай лидер наада! Макс каналын уунэ-сайда, чэчирии турдун! Бука бары бигэ туруктаах, кыахтаах, байанайдаах уонна дьоллоох буолун!!!

  • @ВладимирСтепанов-ч3в

    Учугэйдэн учугэй выпуск

  • @arzhakov2385
    @arzhakov2385 3 роки тому +6

    GelixMax улахан2 махтал буолуохтун✊🏻 Юрий Большаковка эмиэ улахан2 махталбын тиэрдэбин✊🏻👍🏻 ис сурэхитэн сана5ыттан ити курдук барытын учугэй ба5айдык кэпсэбикэр 👍🏻 ийэн эбээн эпит тыларын ис сурэхэр тутта сылдьарын олус да 👍🏻 сыал настройка туруорунарын убайдар субэлэрин ылынарын саамай сеп✊🏻дьонно учугэйи дьон туьугар улэлиирин саха дьонугар кыьаларын учугэй себулуур дьарыккынан дьарыгыр диэн саамай сепке этэ5ин очо5о эрэ результаат тахсар ол ба5ас чахчы мин улахан буллка пока сылдьа иликпин пока эрдэ дии саныыбын куска хааска эрэ сылдьабын 😂 кэлин улахан булка сыалаахпын сиэр туом тутуьуоха наада✊🏻 чубукуну бэккэ ыттын уол🔥 бэйэм тэннэ сылдьыьар курдук сананым 😂 итэ5эл чахчы бэрэдэктиир септеех суолу ыйар мин айыл5а5а сыньанан бултаан заряд ылабын ол чахчы👍🏻 Юрий болшиковка ис сурэхпитэн Ба5арыам этэ байанайын куруук мичик кыннын уонна дьиэ кэргэнэр дьолу доруобуйаны ба5арыам этэ уонна Охотный двор (БУЛЧУТ) есе улаата сайда турдун диэн санаабыт санаан сыалын барытта туола турдун улэ5эр урдук ситиьиилэри🦅 бэккэ кэпсээтин 100% олох 👍🏻 уонна есе махтаныам этэ GelixMax ити курдук билиилээх бээлэрин сыаларын ситиспит дьонтон дьонно анаан устаргын улэстэргин иьин✊🏻👍🏻 сана эдэр урбааньытарга пример хайдах сыалаахтык бизнестарын сал5ыыларыгар✊🏻

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Махтал✊🏻😃

  • @АлексейТерехов-д2к
    @АлексейТерехов-д2к 2 роки тому +2

    Бэрт маҕаһыын, постоянно сылдьабын! Юра өссө кэҥээ, үлэҕэр хамнаскар ситһиилэри, кытаанах доруобуйан!

  • @ВалентинПопов-ш1п
    @ВалентинПопов-ш1п 3 роки тому +3

    Утуо холобурдаах, умсугутуулах устуу буолбут, булт да оттуттэн улахан булка сюжеттаах, булду убаастыыр, сиэр-майгы оттунэн утуо тылларынан , олоххо дьулуурунан, бэйэ бодотун тардынан , уhуйуллан, сыаллаах-соруктаах , туруоруммут соруккун ситиhэрин утуо холобур буоллун эдэр ыччакка, дьонно-сэргэ5э, олоххор оссо да элбэх урдук ситиhиилэри, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны, ыраас халлааны, эппит бага санааларын бэйэ5эр ус тогул урдээн эргийдиннэр. Домм, Домм,Домм👍🔥👏

  • @СашаПавлов-н3ц
    @СашаПавлов-н3ц 3 роки тому +3

    учугэй Биэрии буолбут👍Маладьыас Оссо да урдук ситибиилэри.тус олоххор,Улэ5эр Хамнаскар.Маннык курдук ойдоох санаалаах Тойоттордоохпут буоллар👍✊️Макс Махталл!учугэй да каналлааххын биири да котуппэккэ коробун Интэриэьинэй бо5о👍Инник Дьонтон, киьи тус бэйэтин оло5лр элбэх билиини корууну ылар.Сырдык Соптоох Суолга элбэх киьи уктэниэн соп,Инник киьиэхэ тиийэр,хара5ын арыйар кэпсээннээх.Сырдык Элэккэй Саналаах Дьонтон.👍Оссо Тоогул Махталл!✊️✊️✊️✊️

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Улахан махтал✊🏻😃

  • @qrigpogvas8215
    @qrigpogvas8215 3 роки тому +3

    Уол сэпкэ эттэ, улахан булту наьаа сырсар, сонордоьор куьа5ан, улахан булт аньыылаах иэстэбиллээх буолар

  • @НиколайЯковлев-е5у
    @НиколайЯковлев-е5у 3 роки тому +2

    Дьэ бу сырытта5а ди улахантан суруллар САХА УОЛА диэн!

  • @МаксимДорофееа-ш4у
    @МаксимДорофееа-ш4у 3 роки тому +2

    Талах курдаах талыы талба таатта ыччатыгар Юрийга уу сахалыы уруй ай5ал наьаа учугэй идиэйэлэрдээ ыччат охтный двор ма5аьыын мин бэйэм толкуйбунан саамай учугэ ма5аьыын дии саныыбын онтон таннабын куоракка киирдим да хайаатар да сылдьабын👍🏻👍🏻👍🏻улэ5эр олоххо эссэ урдук ситиьиилэри толкуйдаабытын барыта тобуллан истин санаабытын барыта сатанан истин диэн а5ыыбын Дом дом дом🙌🏼🙌🏼🙌🏼 дьиэ кэргэннэр чугас дьонно тох баар учугэйи дьол соргуну дьолллоох буолун бука бары😃🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼🙌🏼

  • @НиколайЛыткин-я2е
    @НиколайЛыткин-я2е 3 роки тому +3

    киьи биир тыынынан керер биэриитэ буолбут, Юрий кырдьык элбэх улэттэн элбэ5и керсеннун маннык улахан таьымна та5ыста5ын ди , ессе куускэ улэлээннит бу аатырбыт ОХОТНЫЙ ДВОР (БУЛЧУТ)ма5аhыына ессе улаатан , тас куораттарга арылларын туьугар ба5арыам этэ✊🏻
    Макска махтал маннык туьалаах блоктары устаргар , маннык тахсыылаах билбэт дьоммутун эн блоккун кереммут элбэ5и биллибит✊🏻
    Юрийга Макска улэ5итигэр урдуктэн урдук ситиьиилээх-тахсыылаах улэни багарабын✊🏻махталларын.

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому +1

      Улахан махтал Николай✊🏻😃

  • @ВадимИванов-е3е
    @ВадимИванов-е3е 3 роки тому +4

    Киьи истэн уерэр бэт сэьэргэьии буолбут. Киэн керуулээх истиилээх киьи сайдыыга дьулуьар дииллэрэ чахчы. Сыралаах улэн тахсыылаах инникилээх буоллун, туппутун тупсан истин санаабытын санаа хоту табыллан истин✊🏻✊🏻✊🏻Макска махтал 👍✊🏻

  • @АйРо-б7з
    @АйРо-б7з 3 роки тому +2

    Дорооболорун, олох бэртээхэй биэрии буолбут, кере олорон туьэр остановкабын кетутуехпэр диэри. Юрийга улэ5этигэр урдуктэн урдук ситиьиилэри, Байанайгыт Тосхойо турдун!!! Макс махтал биэриин иhин!!!

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      ✊🏻😆махтал✊🏻✊🏻✊🏻😊

  • @ВалентинПопов-ш1п
    @ВалентинПопов-ш1п 3 роки тому +3

    Утуо, дьин,нээх олоххо дьулуурдаах дьон туhунан,умсугутуулах биэриини устубут Макс, Юрий ис -иhиттэн бэйэ бодотун тардынан оскуола, студент сылларыттан майгы, сиэр-туом, ис эйгэ, итэ5эл, улэ5э улумнэhэн , айыл5а5а харыстабыллаах сыhыан, онтон хас биирдии киhи бэйэтин суолун тобуларыгар, сыал-сорук туруоран, до5отторо, ийэтэ эппит тылларын доло5ойугар тохтотон кэпсээбитэ кэрэхсэбиллээх, киhи оттомун тардар уонна дьон,но хаалардык таба этиитэ кэрэхсэтэр, уордэр.
    Айыл5а5а харастабыллаах сыhыан, Байанайдаах булчут , сиэри-туому тутуhaр, итэ5эллээх, дьонно комолосуох тустаахпын диирэ уортэ.
    Багарыам этэ инникитин оссо элбэх, урдук ситиhиилэри, тус олоххор, чугас дьоннор дьолу-соргуну, Саха алмааhын курдук кытаанах доруобуйаны, толкуйун тобуллан истин, санаа салаллан истин, ыраас халлааны, элбэх уорууну-котууну
    Алгыс баha сыаланнын Домм, Домм, Домм🔥👍

  • @СлаваЗахаров-н1э
    @СлаваЗахаров-н1э 3 роки тому +6

    Бэт истиҥ кэпсэтии буолла,сүрдээх интириэһинэй. Бары бу курдук инникигэ киэн көрүүлээх, толкуйдаах буолуоҕун, киһи туох эмэ куттанардаах буоллаҕына, Юра курдук ону суох оҥорорго талаһыаҕыҥ. Дьолу Саргыны, Этэҥҥэ буолууну,Доруобуйаны!!!

  • @SakhaFam
    @SakhaFam 3 роки тому +10

    Сахалыы тыллаах истин кэпсэтиилэр маннык курдук буоллахтара, икки бэйэтин дьыл5аларын, этэргэ дылы миссияларын таба туьана сылдьарыттан киьи корон кыах ылар(мотивация). Ролигы биир тыынынаан кордум, Макс маннык уьулууну саха сиригэр, аныгы тэтимигэр таба туьанан бэккэ киллэрдин🙌🏻урукку кэмнэ маннык кэпсэтиилэр балагантан балаганна эрэ кэпсэнэр буоллага. Юрий сурдээх чиэьинэй киьи, кэпсээнин олох харахпар ойуулаан кордум. Комплекстарын таба баттыыр дьоннор элбэги ситиьэллэр, холобурга элбэх убайдар тойоттор бааллар. Кытаатан иннин хоту баран иьиэххэ 🙌🏻

  • @ГотовцевЕвгений-к3х

    ТАЛАХ КУРДААХ,ТААТТА УОЛУГАР ЮРИЙГА ТАЬААРЫЫЛААХ УЛЭНИ,ЭРЭЛЛЭЭХ ДО5ОТТОРУ, БААЙ БАЙАНАЙДААХ,БААТТААХ БУОЛ!
    САХА БУОЛАН САНДААР!
    КИЬИ БУОЛАН КИЛБЭЙ!
    ГОРНАЙ ХОЬУУН УОЛУГАР МАКСИМНА ЕССЕ ДА УРДУК СИТИЬИИЛЭРИ!

  • @ГаврилФилиппов-в4ж
    @ГаврилФилиппов-в4ж 3 роки тому +1

    Бэртээхэй интервью)

  • @МарияАгеева-ш1х
    @МарияАгеева-ш1х 3 роки тому +4

    Бэрт устуу буолбут. Билиҥҥи балысханнык сайда турар олохпутугар сиэри-туому тутуһан, өбүгэтин үгэһин салҕаан Сахабыт Сирин тыйыс, тымныы условиятыгар сөп түбэһэр булка, үлэҕэ кэтиллэр таҥаһын-сабын оҥорон, атыылаан тарҕатарын хайҕабыллаах дьыала. Юрий, эн боростуой саха,тыа уола маннык бэйэ дьыалатын тэринэн, сайыннарарын, үлэлии-хамсыы сылдьарын эдэр Саха ыччатыгар үтүө холобур буолар. Былааннаммытын барыта туоллун, олоххо киирдин!!!

  • @ПавелФедоров-ц8с
    @ПавелФедоров-ц8с 3 роки тому +2

    Бэрт устуу, биэрии буолбут. Саха дьоно бултка айыл5а5а сиэрдэхтик сыьыаннаьын диэн сопко этэр. Билигин булт диэн курэх курдук буолаары гынна, дьон куоталаьыы курдук бултуур.Охотный двор ма5аьынна сылдьыбыт суох, уунэ сайда турдун,

  • @ПетрБучугасов
    @ПетрБучугасов 3 роки тому +3

    Айыы Аймахтара -
    Аартыктаргыт дексе да арыллан истиннэр,
    Аар Айыл5а амарахтык кердун!
    Аламай ма5ан кун арчылаатын!
    А5ам дьон ал5аатын!!! 🙌🏼🙌🏼🙌🏼

  • @МихаилКолмаков-е9р
    @МихаилКолмаков-е9р 3 роки тому +2

    Учугэй биэрии буолбут. Юрийга септеех иитии, киэн керуу, ей-санаа уонна дьулуур баар эбит. Маннык дьон ханнык ба5арар хайысха5а таЬаарыылаах буолаллар. Ессе урду ситиЬиини. Макска махтал! Этэццэ!

  • @gavrilpotapov8915
    @gavrilpotapov8915 3 роки тому +3

    Киhи киhиттэн уерэнэр✊🏻 кыбыстыбакка себулээбит дьарыкпытыгар сыhыаннаах дьонтон субэ ама ылан иннибит диэкки баран иhиэххэ✊🏻 тумсуулээх буолан тахсыылаах дьоммутугар ейебул буолуохха✊🏻

  • @АндрейИванов-к6ш7х
    @АндрейИванов-к6ш7х 3 роки тому +15

    Юрийтан мотивацияга бегете ыллым👍киьини толкуйдатар учугэй кэпсэтии буолбут.

    • @ТатьянаПротопопова-щ1в
      @ТатьянаПротопопова-щ1в 3 роки тому

      Бу курдук ыччакка сырдык ыраас ыллыктарга суолу ыйа кэрдэ туруо диэн бигэ эрэлбин Билл эрэбин ❤ кытаат сайын салгыы

  • @НьургунРешетников
    @НьургунРешетников 3 роки тому +3

    Ким до5ордоох,ол дьоллоох.
    Ааттаах омук эстибэт,ойурдаах куобах охтубат ✊🏼

  • @АлександрПермяков-ы5ф

    Бэттээхэй кордоруу буолбут!
    Саха дьонугар маннык дьон баарын билэр учугэй багайы эбит.
    Бэйэм улахан бултка сыьыаным суох да буоллар, саха буоламмын син саас, куьун аайы куска тахсан киьилии, айылганы кытта сынньанан киирэччим.
    Ол курдук ого саастах эрдэхпинэ 7-8 кылааска сылдьан, убайбын кытта Сивцев Афанасий Егоровичы Чурапчы улууьун, Сылан нэьилэгэр, Бэрэ участогар, кыьынны оскуола оробуллэригэр, тыаттан утээнтэн дьиэбитигэр баран иьэн ойуур суолугар Хара улары корсо тустубут, аргаайдык суол ортотугар, бэт кыраьыабай кыыл олорор эбит, дьэ илэ харахпынан бастакы улахан кыылым буолла, убайым саатын туттарда, тахсан ыт диэтэ, уаз фермертан туьэн 20 метрэ хаамтым, таьырдьа 30 -40 игин кыраадыс курдук, долгуйдум ду хайдах ду, тонон бардым, Хара уларым бу иннибэр 30 метрэ олорор суол ортотугар, ол курдук сыаллан турдум, хайдах эрэ санаабар, сатаан ыппатым, ол курдук Хара уларым туора тыа быыьыгар ыстанан кээстэ. Убайым кыыьырпы бого, тайахха тэнэннэр кыыл диэн хаста да эппитин ойдоон хаалбыппын. Багар Байанайым ыттарбата ду, бэйэм долгуйан ыппатым ду, билиннэни дылы ити вопрос, эппиэтэ суох сылдьар.
    Чэ ити курдук ого эрдэхпинэ олохпуттан буолбут быьа тардым))

  • @ИннокентийТимофеев-г5ы

    Олох үчүгэй кэпсээни иһиттим сиэри туому олох тутуһуохха наада киһи бу олоххо биирдэ олорон ааһар, үлэҕитигэр ситиһиилэри уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын

  • @ГавриилЕфремов-х1б
    @ГавриилЕфремов-х1б 3 роки тому +1

    Бэрт ди Саха уола👍✊✊иннин хоту ситиьиилэри!

  • @Арылхан-т6к
    @Арылхан-т6к 3 роки тому +3

    Бу биэрии биири эйдэттэ! Бу олоххо Аан-Ийэ дойдубутугар ,,ВИРУС'' буолумуоххайын, кинилиин алтыьан, кинини харыстаан, сэрэнэн улэлиэххэ, хамсыахха, кэнчээрибитин уэрэтиэххэ,такайыахха!. Бэт биэрии буолбут! Бэт аьа5астык кэпсиир эбит Юра. Кытаат сана дойдулары арыйан ис!

  • @ДарияСлепцова-й6ф
    @ДарияСлепцова-й6ф 3 роки тому +2

    Утуе кунунэн! Бу таьаарыыны керен Олус диэн сэнээрдим. Бэйэм бу Еймекеен хайаларын диэки сыл ахсын балыктыы, кустуу, сынньана сылдьаачыбын чугас дьоммунаан. Дьэ ити этэрин курдук сылы быьа улэлээн, куорат дьалхааныттан сылайан куус ыла барабын. Юрий бу биэриигэ эппит тылларын, кэпсээнин бары Саха эр киьитигэр чугас. Тапталлаах дойдубут туьугар, дьонун-сэргэтин туьугар бэриниилээхтик улэлии-хамсыы сылдьар ыччаттар баалларыттан киэн туттабын. Улэн таьаарыылаах, оло5ун суола кене буоллун✊. Ессе да урдук чыпчааллары ситиьэргэр.

  • @АграфенаАргунова-з9и

    Наьаа учугэй философиялаах урбаанньык, сиэдэрэй передача, киьи умсугуйа истэр саха киьитин санаата, олоххо сыанабыла👍😍👍

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Аграфена, махтал✊🏻😊

  • @БалеккаНьукулаайап

    Бу устуугэ кэпсэтиигэ саамай сэнээрбитим диэн
    Юрий бултка сылдьан хайдахтаах курдук тургэн тархан сып сап септеех быьаарыыны ылынан биир буулдьаннан булдун куоттарбата Байанайа бэссибитин👍
    Бу кердерер билинни олоххо хайдах курдук бэлэмнээхин кыахтаахын ейе сымсатын туттара хаптара токкуйа сытыытын.
    Олоххо араас туннэннэр буолуохтарын сеп онно эн маннык курдук быьаарыылары ылынаннын эрэ араас уустуктары кыайыаххын хотуоххун сеп ✊🏻
    Юрий инникитин туруоруммут миссияларгын ситиьэргэр ✊🏻 Сахабыт Сирин культуратын булдун менталитетын киэн дойдуларга сайыннараргар👍
    Максим как всегда бэртээхэй устуу
    Бииртэн биир учугэйтэн учугэй устуулар кэпсэтиилэр тахса турдуннар 👍👍👏👏

  • @МихаилКычкин-т7е
    @МихаилКычкин-т7е 3 роки тому +4

    Дьин сахалыы толкуйдах уол эбит!!! Биир тыынынан кордум биир ботуруон уган баран биир ытыы биир трофей 👍🏻саамай соп этии бэйэн собулуур эйгэ5эр улэлиэхтэххин диэн

  • @ЕгорКолодезников-и7ы

    Айыл5аны харыстыыр,сиэри туому тутуьар уолга ситиьиини ессе да сайда тур улэн таьаарыылаах буолуо баайга дуолга хараарчы иирбэтэх эбиккин дьон сэргэ ейдуе саха сирин культурата менталитета урдууругэр куус тирэх буола сайдын убаастабыллаах дьоьун киьи буола улаат.Ол да урдунэн туескун охсунумаар ✊

  • @medvedumko
    @medvedumko 3 роки тому +3

    Бэрт сэргэх, сэдэх уонна оруннаах кэпсэтии таҕыста. Уруккаттан билэр, чугас доҕорбун кытта сэһэргэспит курдук сананным. Биир үөлээннээҕим эбит Юрий. Олус сөпкө этэр, киһи кыайар-хотор, дууһата сытар үлэтигэр, эйгэтигэр сырыттаҕына сайдар. Саха саарына, киэҥ көҕүстээх, ыраҥалаан толкуйдуур биир дойдулаахпар барҕа махтал, элбэх сонньуйар ыйытыкпар эппиэт биэрдэ. Бачча сааспар диэри билбэтим, көрбөтүм элбэх эбит. Дьоллоох буол Юрий, уонна барҕа махтал Максимҥа.🤝

  • @УраанхаайСаха
    @УраанхаайСаха 3 роки тому +3

    Утуе-кунунэн. Олус учугэй сырдатыы буолбут, Юрий Николаевич наьаа учугэйдик бэйэтин таптыыр дьо5урун сайыннаран онорон таьаарбыта кэрэхсэбиллээх, ити дьогургун уйэтитэ тур! Булт-алт диэн, ол эбэтэр бултуун алтыhыы, айыл5алыын алтыhыы, Саха уол о5ото, эр киhитэ былыр былыргаттан себулээн таптаан сылдьар дьо5урбут, Юрий эппитин курдук «спортивнай интерес» буолуо суохтаах. Чугас дьоннун кытта сынньана, кэпсэтэ-ипсэтэ киhи сиэринэн сылдьыахтаахпыт. Онон айыл5абытын харыстаан сиэри-туому тутуhан сылдьыахха!
    Максим куруутун олус учугэй сырдатыылары устан таhаара5ын, бу улэн сыаналаннын!

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      ✊🏻✊🏻✊🏻🙌🏻😊

  • @BS-mz3jl
    @BS-mz3jl 3 роки тому +2

    😂👍бэрткэ кэпсиир,үчүгэй баҕайытык

  • @aisensivtsev8252
    @aisensivtsev8252 3 роки тому +5

    Маннык ейдеех-санаалаах Саха уксуу турдун, бары бэйэ бодону тардынан, дьоммут, дойдубут туьугар улэлиэххэйин-хамсыаххайын, сайдыаххайын✊🏻✊🏻✊🏻

  • @Narynykt_korea
    @Narynykt_korea 3 роки тому +4

    Таатталар кыахтаах, талааннаах дьон! Сыыспат буоллахпына дьокуускайга бизнеска саамай элбэх таатталар буолуо... Ессе да сайда турун уолаттар, молодец Юрий!)))

  • @ЗиннатДжуалов
    @ЗиннатДжуалов 3 роки тому +2

    Бэрт кэпсээни сэргии иhиттим👍🏽 Оссо да маннык сэhэргэhиитэ уста тур. Булчут киhи туhунан киинэ устаргыт эбитэ буоллар Юрий Николаевич бэрт буолуо этэ. Холобур А5а дойду сэриитин кэмигэр булчут киhи дьону хоргуйууттан быhаабытын туhунан

  • @АлександрИванов-ч8ю2к

    Айыл5аны харыстыахха! Итэ5элбитин 8р8 тутуохха! Олох устун устан иьиэххэ!🙌✊✊✊

  • @alexsandrsentisov6882
    @alexsandrsentisov6882 3 роки тому +2

    Дьэ бэт интервью 👍 учугэй саналаах киhини истэр наhаа учугэй

  • @gruz.ykt.vdk1
    @gruz.ykt.vdk1 3 роки тому +4

    Сиэр туом тутуhуу хас биирдии киhиэхэ баар буолуохтаах диэн соптоох этии👍🏻
    Киhи тыа5а, тус олоххо хайдах сылдьыахтаагын, сахалыы итэ5эл кууhэ киhини сааhылыырын, ис киирбэх кына бэрткэ быhааран биэрдэ Юрий.
    Макс выпусктарын олох бэртээхэйдэр✊🏻
    Уолаттарга ситиhии аргыстаhан истин👍🏻

  • @xara-b4c
    @xara-b4c 3 роки тому +2

    Олус учугэй кэпсэтии, маннык улэьит дьон баарын билэн керен киьи уорэр.Оссо да урдук ситиьиини Юрий Николаевичка. Тус бэйэбэр элбэ5и арынным. Чэгиэн буолун!

  • @youkanal3755
    @youkanal3755 3 роки тому +3

    Олиьин да бадараанна туьэ туьэ, ыраах барарбын астынар эбиппин😄мхатал, бэйэм да билбэт этим интэн энергия ыларбын✊🏼✊🏼✊🏼

  • @sergeykononov6173
    @sergeykononov6173 3 роки тому +2

    Наһаа үчүгэй сирдэр бааллар эбит Сахабыт Сиригэр.Хайа сири дойдуну аһары тупсарар эбит.ЮАР га Дракенсберг хайаларын көрбүтүм ,бастакы хайаларым этэ...сөҕүү махтайыы бөҕөтө айыбыын ..эчи үчүгэйин...Сахабыт да Сиригэр бааллар эбит ураты көстүүлээх сирдэр.

  • @ПавелЕгоров-ц5ш
    @ПавелЕгоров-ц5ш 3 роки тому +2

    Дьэ! учугэй кэпсэтии буолла. Киhи биир тыынынан керер👍 сепке этэр, Сиэрдээх Туомнаах киьи инникитигэр ситиhиилээх, кэскиллээх буолар💪🏾💪🏾💪🏾

  • @dea8555
    @dea8555 3 роки тому +3

    Нөрүөн -Нөргүй буолуохтун,дьэ кырдьык Сахаҕа өйдөөх,чулуу уол эбиккин,кэпсээҥҥин киһи эрэ истэ олоруох курдук.Инникигэр санаабыт сыалын -соругун туоларыгар баҕарабын!

  • @semendyachkovskiy3599
    @semendyachkovskiy3599 3 роки тому +3

    Ити бутэьигэр олох сепке эттин киьи аьыыр аьын бултуохтаах диэн! Айыл5а биир! Сахалыы ейдеех санаалаах уол эбит👍 олох бэйэм кыьыйдым ити ботуруон укпатаххар😃хата байанай елуулэбит 👍

  • @Sakha_yola-p6f
    @Sakha_yola-p6f 3 роки тому +3

    Таатталар биир тарбахха баттанар убайбыт Юрий бэт ыраас саналаах чиэьинэй тыллаах , Сахабыт бултун сиэрин туомун учугэйдик тутуьан ,дьоннор сэргэ5эр доруобуйаны ,уонна аныгы колуонэлэргэ бэрт учугэй пример буола5ын✊Макс эмие ситиьиини улэн тумугэ олох урдук таьым✊бары дьоллоох буолун

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Махтал Роман✊🏻✊🏻✊🏻

  • @АйсенОкоемов
    @АйсенОкоемов 3 роки тому +3

    Дьэ кырдьык оьуобай биэрии буолбут, Юра коруун-истиин, толкуйун соп дии саныыбын. Кырдьык киьи тулалыыр эйгэтэ сурдээ5ин диэн дьайар. Улуу убайбыт Былатыан этэр тылларыгар да баар, "Нуучча ньургунун кытта туруулаьар до5ор буол, Саха талыытын кытта самдайдаьар атас буол, урдук уорэхтээхтэри кытта ойонсон уоскээ, бэрт мэйилээхтэри кытта тэннэьэн сэргэстэс".
    Улэ5эр-хамнаскар, тус-олоххор урдук ситиьиилэри Юра, ылсыбытын ыпсан истин, санаабытын турлан истиннэр!

  • @olegsharin7891
    @olegsharin7891 3 роки тому +5

    Киhи маннык саха чулуу уолаттарын коро коро астынар, Юрий оссо да урдук ситиhиилэри, оссо да урдээн сайдан ис! Век живи-век учись, тому как следует жить!

  • @balr10
    @balr10 3 роки тому +3

    Киьини толкуйдатар, кутун арыйар, наьаа да септеех толкуйдаах, ис сахалыы санаалаах, муударай киьи эбит Юрий Большаков! Максим маладьыас, маннык биэриилэри, чулуу ыччаттарбытын уьулан, кердерен ис! Бар5а махтал эьиэхэ, наьаа учугэй видео5ут иьин!

  • @АлександрБоескоров

    дьэ олус бэртээхэй устуу буолбут, бултка сыьыаннаах буоламмын барытын биир тыынынан кердум👍 бу биэриини керуем иннинэ бултка, итэгэлгэ атын согус сыьыаннаах этим. 6 кылааска бастакыбын абагаларбын кытары соготогун 2 нэдиэлэгэ мунхалыы барсыбытым, бэйэм багабынан. Ол кэннэ бултка ессе куускэ ыллараммын айылгага тахсыыны олус куутэрим. Урукку осколабынан хас куьун аайы уерэх сагаланыыта айылгаттан куус-уох, сэниэ ылына Табага тумулугар тахсан алгыс ылааччыбыт. Билигин 11 кылааска уерэнэбин. Уеьэ, кэккэбитигэр туох эрэ куус баар диэн эрэнэбин. Соторутаагыта Питерга курэхтэьиигэ ситиьиилээхтик кыттан кэлбитим. Барыам иннинэ бэйэм кегулээн агабын уонна бырааппын кытары айылгага куус, сэниэ ылына диэн тахса сылдьыбыппыт. Ситиьиибин кытта сибээстээх дии саныыбын. Сорогор аьары улуьуйэн уерэхпин кетутэн туран бултуу барсааччыбын. Юрий эппит тылларын кэннэ маннык диэн ейдеетум: сиэринэн бултуохха наада(наадатынан). Бу биэриини керуем иннинэ Юрий эппитин курдук «спортивный интерес» диэн бултаьааччыбын. Бултка уонна итэгэлгэ керуум кыратык да буоллар, уларыйда.
    Юрийга септеех тыллар, субэлэр иьин махтал буолуохтун! Тэрилтэгэр ситиьиилэри, кэниири!
    Максим устуун иьин махтал буолуохтун! Хас видео аайы качество тупсан иьэр! Каналын сайыннын, ессе да тупсан истин!

  • @ТатьянаПротопопова-щ1в

    Маладьыас эдэр киьиэхэ эгэрдэбин итиэннэ алгыспын аныыбын, бу курдук туппуккун туругурда, ылсыбыккын ыпсара тур!

  • @Lia-o1s8r
    @Lia-o1s8r 3 роки тому +4

    Юра уол отой боростуой, киэн коруулээх, ис дууьата ыраас эбит. Дьоно бэккэ ииппитэрэ костор, улэгэр урдук ситииьилэри! Якт кэллэхпинэ киирэ сыдьыам магазиннар бэйэтэ музей курдук видеоннан кордохпунэ

  • @alexeevnikolay91
    @alexeevnikolay91 3 роки тому +3

    Сурдээх ойдоох киьи эбит👍,маннык дьон ахсааннаах😁

  • @bubaisar1999
    @bubaisar1999 3 роки тому +3

    Сахам сирин олохтоохторугар уруй айхал бу биир чулуу Саха ураанхай уола Таатта уола ис бэйэтин куустээх санаалаагын корон истэн астына дуоьуйа кордум. Магаьыынын уунэ сайда турдун 👍

  • @Арамаска
    @Арамаска 3 роки тому +3

    Маннык дьон баарын тухары Саха инникилээх!

  • @НиколайВасильев-г9в

    Эдэр уол диэтэххэ Оло5ун санаата, Оло5ун керуутэ, таьымын урдугэ харахха быра5ыллар. Сиэри туому умнубата, убайдарын тылларын чугастык ылынара, ейе санаата, олоххо керуутэ убаастанар дьыала. Этэннэ эрэ боллун. Дом

  • @Оннук-ъ8ы
    @Оннук-ъ8ы 3 роки тому +4

    Макс как всегда 👍👍😎оьуобай. Дьонно туьалаах субэннэн, энергетиканнан дьайар дьону устарын астык, бу маннык дьон бээлэрэ энциклопедия курдуктар, санаттан сана философия, уорэх. Тыллара осторо поставленнайа,увереннайа киьини уьугуннарар,тилиннэрэр. Уонна бу маннык олохторугар ситиспит боростуой тыа дьоно, бу курдук кистээбэххэ, наьаа бэйэни билиммэххэ, субэлэрин-амаларын дьонно тиэрдэллэрэ эмиэ ча5ылхай, хай5абыллаах дьыала✊🏼✊🏼бизнес эрэ оттугэр буолбахха, коннору олорор олохпутугар эмиэ туттуллар субэлэр 😎👍А так дьэ ытардаах уол эбит, сохторуон сохтордо😄 голливудскай киинэ курдук буолан ылла игиннээтэ😂😄

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Хас биирдии тылгар собулэьэбин уонна махтанабын✊🏻😃

    • @ЮрийБольшаков-б5ю
      @ЮрийБольшаков-б5ю 3 роки тому

      Махтал, оннук✊️

  • @арюнамаксимова-у1ъ
    @арюнамаксимова-у1ъ 3 роки тому +2

    Ущей баайы каналы булан абыранным. Биьиэхэ да мындыр эдэр дьоннор бааллар эбит ээ. Олох коро коро ис испиттэн уорэбин, астынабын👍

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Арюна, махтал✊🏻😊

  • @РОСОМАХА1989
    @РОСОМАХА1989 3 роки тому +4

    Кун оголоро айылга оголоро буоларбыт быьыытынан Аар тайга оголорун бултуурга! сиэри туому тутуьан айылгалыын алтыьан иччилэртэн кордоьон аартыктарга сугуруйэн байанайбытыттан кордоьон сиэрдэээхтик сылдьыагын сахам дьоно ✊😊Юрийдаах Максимна айар улэгититигэр урдук ситиьиилэри дьиэ кэргэннитигэр дьолу соргуну доруобай буолун куруутун уоруу котуу аргыстастын😊аныгыскыга корсуоххэ диэри✊😁👍

  • @ИванМаксимов-д8д
    @ИванМаксимов-д8д 3 роки тому +2

    Бэрт бэрии

  • @СеменОконешников-ш1л

    Итэ5эллээх киьи КУУСТЭЭХ! КУУСТЭЭХ киьи итэ5эллээх! Чуоккай интервью👍✊

  • @ПетрМонастырев-ч1о
    @ПетрМонастырев-ч1о 3 роки тому +4

    Үүнүөн сайдыан баҕарар киһиэхэ үтүө холобурдаах туһалаах биэрии буолбут. Юрий өссө да инникитин таһаарыылаах айымньылаах үлэни баҕарабын✊🏼✊🏼✊🏼

  • @ДмитрийИванов-ы9в
    @ДмитрийИванов-ы9в 3 роки тому +3

    Мин былырыынныттан дэриэбинэбэр кыра магаьыын арыйан улэлэтэ турабын. Бу видеоны керен, Юрий урбаанньыт быьыытынан миэхэ элбэх кемену онордо, сананы арыйда, керерум арыыйа да ыраатан биэрдэ. Махтал

  • @mr.doffi-coffi5935
    @mr.doffi-coffi5935 3 роки тому +2

    Юрийга доруобуйаны, үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу!

  • @Stepan_Novikov
    @Stepan_Novikov 3 роки тому +8

    Төрүт өбүгэбит үгэһин өрө тутар, өйүүр уонна өйдүүр үтүө мааны уол эбит👍 Маннык дьонноох буоламмыт сахалар бу кэмҥэ дылы омук быһыытынан кэллэхпит✊ Сахалар бары бииргэ💪

  • @НиколайУшницкий-б5и

    Былыр-былыргыттан сахалар айыл5аны кытта алтыьан уескээбит буоламмыт, айыл5алыын ыкса сибээстээхпит. Ол иьин саха киьитэ тулаллыыр эйгэтин тыынын, ис дууьатын, отун-маьын, уунээйитин кытта мэлдьи утуе санаанан салайтаран кэпсэтэ-ипсэтэ, кердеье-ааттаьа, унэ-суктэ сылдьар урдук итэ5эллээх, киьини айыл5а аьатан, биэбэйдээн, иитэн олорор диэн саныыр. Онон саха киьитэ айыл5аны «Ийэ сир, сир ийэ» диэн минньигэстик ааттыыр, бэйэтин «айыл5а оотобун» диэн ейдуур Юрий Большаковка оссо да урдук ситиьиилэри! Иннин хоту баран ис туохтан да толлубакка! Иэйэхситин энэрдэстин Айыыьытын аргыстастын!дом!дом!дом!

  • @Дархан-й4я
    @Дархан-й4я 3 роки тому +3

    Саҥа чыпчааллары дабайан ис, саха уола! Кырдьык аныгылыы көрүүлээх гынан баран олох дьиҥ сахалыы куттаах киһи эбиккин. Эдэр ыччаты үөрэтэ тур сиэрдээх туомнаах буоларга, тулалыыр эйгэни харыстыырга! Большак диэн тылбааһа Улахан Суол диэн! Онон өссө Улахан Суоллары арыйан ис! Алгыстаах Аартыгын арыллан истиҥ!

  • @63етлф
    @63етлф 3 роки тому +2

    Маннык интервью учугэй эбит, охотнай двор хасайынын дьэ кордум, уонна санатын сопко этэр эбит маннык дьонтон мин санаам уорэр, махтал интервьюн исин.

  • @НиколайСергеев-х3м
    @НиколайСергеев-х3м 3 роки тому +2

    Бу саха бэрдэ, бэйэтин ИКИГАЙЫН булбут, маны өссө киэҥник тарҕатыан, үөрэтиэн наада эбит!!! Дьолу, доруобуйаны!!!

  • @arjakovmikhail
    @arjakovmikhail 3 роки тому +3

    Максим бэрт биэрии буолбут, салгыы маннык курдук видеолары таһааран ис! Юрий бэрт санааларга кэлбит эбиккин, сиэрдээх дьон сиэрдээхтик бултуохха! Санаабытын табыллан истиҥ!

  • @JUBA_TIMIRKHAN
    @JUBA_TIMIRKHAN 3 роки тому +9

    " Байанай без нас жить может,а мы без байанайа нет "
    Макс,Юрий оссо да урдук ситиhиилэри! чол буолун чэгиэн буолун!

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому +1

      Убай чотка эттин✊🏻👍🏻👍🏻👍🏻

  • @fredbaranov3373
    @fredbaranov3373 3 роки тому +2

    уонна саамай интэриэhинэйэ , биhиги бэйэ бэйэбитигэр сэниэ куус биэрэбит. Даже биир видео да корон энергиялана5ын. Бэйэ5эр чугас эбит буолла5ынаа.
    •Мин да5анаа кыыллар да5анаа биир айыл5а5а олоробут• диэн элбэ5и этэр/ойдотор тыл сиэргэ-туомна✊🏻

  • @TOR29
    @TOR29 3 роки тому +2

    Юрий Итэ5эллэргин хаьан да сутэримэ✊ ис итэ5элин эйиигин арыаллыа, айыл5а5а итэ5элин кемелеьуе, киэн сахалыы толкуйун ааттатыа✊✊✊

  • @ДьулустанНиколаев-я2в

    Саха омук инники кэскилэ сайдарын туhугар улэлэhэр дьону керер истэр олус астык👍🏻 Киhи биирдэ бэриллибит оло5ор тус сыалын ситиhэ, хас биирдии кунун, ырытан арааран кере уерэнэргэ, инникитин оносторугар. Маннык видеолар киьиэхэ куус, эрэл биэрэллэр. Юралаах, Максимна улэ5итигэр ессе урдук дабайыыны✊🏻

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      ✊🏻✊🏻✊🏻

  • @ДиодорДиодоров
    @ДиодорДиодоров 2 роки тому

    Охотный двор диэн ханнык эрэ баай аристократ нуччалар магазиннара дии саныыр этим, онтуохайым Саха Чулуу уолун киэнэ буоларын се5е махтайа кердум👍барыгытыгар ситиьиини!

  • @Il_Tobul
    @Il_Tobul 3 роки тому +2

    Сорох булт диэҥҥэ чугаһаабатах киһибин, төһө да баҕарбытым үрдүнэн, бэт биэрии буолбут, киһиттэн киһи үерэнэр, хас биирдии бэйэбит саха буоларбыт быһыытынан, итэҕэлбит, ис санаабыт күүстээҕэ, ырааһа, киһи туттарыгар хаптарыгар көстөр бэлиэтэ, махтал Макс 🙌

  • @ПроПро-х4к
    @ПроПро-х4к 3 роки тому +11

    Утуе киэьээнэн!
    Бэртээхэй устуу буолбут, биир тыынынан кердум🔥👍🏽
    Юрий олус сетеех тыллары эттин👍🏽
    Макс канаалын ессе да сайда турдун!!
    Юрийга ессе урдук ситиьиилэри, санаабытын сатаннын!!🙌🏽
    Бу устууну керен бэйэбэр куус, мотивация ылыммычча курдук буоллум, санаам кете5уллуннэ✊👍
    Бэйэм дьигинэ бултка улахан сыьыаным суох эрээри маны керен баран хайа эр киьи сыстыан ба5арыа суо5ай👍🏽
    Бу суругу аа5ар киьиэхэ итии истин э5эрдэ!
    Кэлэн иьэр сана дьылынан!👏🏾

  • @Turgudai
    @Turgudai 3 роки тому +2

    Саамай ыарахан булт,чубуку булда.Кыһыҥҥыта (күһүҥҥүтэ)олус ыарахан булт.Көрдөөн,суоллаан,чуҥнаан бултуур олус ыарахан.Ноябрь 22 чыыһылатын кэннэ хотулар чубукуну бултаабаттар,этэр дьиэн аатыыллар,ол аата тыһытын (олоххо)туруору тааска хаайан иннин ылар,ол кэннэ иссэр.Ол иһин бултаабаттар.Хайаҕа сырыттаха,хайаны таптаатахха,сиэри-туому тутустахха эрэ,этинэн-хаанынан эр киһи улаханнык үлүһүйэ ылларар булда.Чубуку бултааһына.Этэҥҥэ буолун!

  • @ПетрФедотов-с5и
    @ПетрФедотов-с5и 3 роки тому +5

    Бу киинэни биир тыынынан кордум, хайдах эрэ санаам кото5уллубуккэ дылы буолла😅 Юрий кырдьык дьону тумэр дьо5ура бу киинэ ноцуо биллэр. Элбэх эдэр ыччат корон, санаата кото5уллэн, бэйэтигэр тугу эрэ ылан, иьигэр киллэрэн оло5ор туьаныа диэн бигэ эрэнэбин! Юрийга оссо урдук ситиьиилэри ба5арабын!

  • @ЕркенХан
    @ЕркенХан 3 роки тому +2

    Мин хомойор этим, хайдах бу 100 сыл устата Азаров, Ксенофонтов, Ефимов, Артемьев курдук дьоннор, олохторун, инникилэрин, норуот туhугар биэрбит дьон тереебеттеруй диэн. Бу Большакову истэммин уердум, ейе санаата уларыйбата5ына, Саха омук инникилээх эбит.

  • @byekke456
    @byekke456 3 роки тому +13

    Биир тыынынан керуу буолла👍🏻 Маны керееру специально ас сакастаан игн😆Куех экранна оннук маннык программалары кердеруехтэрин оннуларыгар маннык биэриилэри кердереллере буоллар быдан туьалаах буолуо этэ👍🏻 мотивация беге ыллым, бэйэм урбаанньыт буола сыыстым кере сытан😆 уонна онтон Юра улэгэр ситиьиини ессе да сайда тур, Россия киэн куораттарыгар Булчут диэн бренды таьаараргар✊🏻 Макс устуун выпуск аайы тубустар тупсан иьэр освещенията игн оруобуна буолбут уонна онтон Финляндия солуннарын куутэбит буо😁

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Махтал Буоккэ✊🏻😃 Финляндия табылыннын🙌🏻🤞🏻😌

  • @Vsebudetok888
    @Vsebudetok888 3 роки тому +3

    Бэттээхэй биэрии буолбут👍үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини✊

  • @АлексСеменов-щ8ч
    @АлексСеменов-щ8ч 3 роки тому +12

    Бэт интерьвю буолбут Юрий Николаевичка
    Оссо да улахан Чыпчаалары
    Охотный Двор номер 1
    👍👍👍👍👍👍👍👍

  • @6aLLImaK86
    @6aLLImaK86 3 роки тому +3

    Юрий иннин хоту айаннаан ис✊🏻✊🏻✊🏻молодец дьин саха уола👍🏻👍🏻👍🏻

  • @ВиталийЯковлев-й1щ
    @ВиталийЯковлев-й1щ 3 роки тому +3

    Дьэ учугэйи эрэ түстүүр ураты энергетикалаах видеолардахын макс ! Көрөргө наһаа учугэй киһи энергия ылар ! Юрийга уонна Макска өссө да элбэх ситиһиини үлэҕитигэр !!!

    • @gelixmax
      @gelixmax  3 роки тому

      Виталий махтал✊🏻😃

  • @SaiDuunskiy
    @SaiDuunskiy 3 роки тому +3

    Дьэ учугэй кэпсэтии буолбут 👍Дьоллоох доруобай буолун Юрий Максим 👋уунэ сайда турун.

  • @АльбертБурцев-ь7ф
    @АльбертБурцев-ь7ф 3 роки тому +3

    Учей выпуск👍🏼 Ийэ айыл5абытын харыстыа5ын! Сиэри Туому тутуьуох! Аар Айыы айыл5абыт эйиэхэ куус кеме буоларбытыгар ис турукпутун бе5ургэт!✊🏼

  • @grigoriy_youtube_channel2816
    @grigoriy_youtube_channel2816 3 роки тому +4

    Сурдээх интириэьинэй биэрии буолбут.Юрий, саамай септеех суолу талбыккын! Эдэр келуенэ5э холобур буола5ын! Иннин диэки эрэллээхтик дабайан ис, ессе тегул махтал! ✊✊

  • @Churapcha_
    @Churapcha_ 3 роки тому +2

    Буулдьа укпата5ар кинини кытта бэйэм переживайдаатым уонна биир буулдьанан суурэн иьэри таппытыгар бэйэм таппыт курдук уердум..хаста да эргитэн кердум ытыыны👍👍👍