Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ🌿☀️🌿

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 18 гру 2024

КОМЕНТАРІ • 6

  • @Вера-н4ч9щ
    @Вера-н4ч9щ 5 місяців тому +4

    Алгыстаах Амма сиригэр ыытыллыбыт «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» Олоҥхо ыһыаҕар Хаҥалас улууһун дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
    Биһиги улууспутун Чапчылҕан нэһилиэгэ уруйдуу көрүстэ. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарын минньигэс астаах сандалыга олордон эбиэттэттилэр, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн эҕэрдэлэстибит, ирэ-хоро сэһэргэһэн, доҕордоһуу түһүлгэтин түстээтибит. Баһылыктара Дьулустаан Авксентьевич Юшков салалтатынан олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, элбэх үлэни ыыппыттара тута биллэр, ыалдьыттары көрсөргө бэркэ бэлэмнэммиттэрэ харахха быраҕыллар. Өссө бэлэх-туһах биэрэн күндүлээн үөртүлэр.
    Бу куннэргэ биһиги Бөтүҥ «Мичээр» оҕо уһуйааныгар туьэ сырыттыбыт. Сэбиэдиссэй Григорьева Анна Ивановна уонна иллээх кэлэктиип үөрэ-көтө көрсөн, кымыһынан, алаадьынан айах туттулар. Икки күн устата кинилэр дэлэгээссийэбит дьонун аһаттылар, хоннорон, кыһаллан, бэртээхэй усулуобуйаны тэрийдилэр. Барҕа махтал тылларын уһуйаан бары үлэһиттэригэр, чапчылҕаннарга, ыалдьытымсах Амма дьонугар этэбит!
    Хаҥалас улууһун дэлэгээссийэтэ.

  • @Эбээ
    @Эбээ 6 місяців тому +6

    Махтал далааһыннаах тэрээһин үрдүк таһымҥа ааспытыгар! Дуоһуйа көрдүм,сынньанным.Дьон талааныгар сөҕөн-махтайан,киэн туттабын.Бары биир түмсүүлээххитин туоһута буолар. Аммалар маладьыастар!❤

  • @ТатьянаКардашевская-н3з
    @ТатьянаКардашевская-н3з 5 місяців тому +2

    👏👏👏👏👍👍👍👍

  • @Аммаолоҕо
    @Аммаолоҕо  5 місяців тому +1

    Дьэ,олус учугэй тэрээьиннээх ыьыахха сылдьан бутун ус курэххэ ааттаахттары кытта анньыалаьан дуоьуйууну ылан кэллим.
    Эчи,туьэрбит Сирдэрэ Бетунннэр дэлэччи хоточчу аьатан утутан,сынньатан ,буе
    Бэйдээн сырытыннардылар.аны аьыллыыытын туьунан ханнык да олонхо ыьыа5ын аьыллыытынаа5ар таьыччы илэ чахчы олонхо ураты,олонхо дьэргэйэнбэйэтин иьигэр баар курдук кетере кетен,сыылара сыылан, охсуььара охсуьан ,елен тиллэн ене талата дьэргэйэн ытатыан ытатта,ыллатыан ыллатта,
    Улуу Уоллара Сергей Расторгуев кыа5а кылаана манна кеьуннэ курдук кердум ,ессе да инники кулумурдуе турда5а.оннук эрэ хоннохтоохтук туттубут,салайбыт,онорбут эбит.
    Аны туьулгэ5э,олорорго,олбох,аьыырга сыалаах эти
    эмсэхтэнэ,кыынньа аммалыы кымыьынан утаххын ханнара олорон кердубут.
    Ону таьынан Чапчыл5ан мааны олохтоохторо икки куну быьа лстуол хотойорунан минньигэс,тотоойу,ас амтаннаа5ынан,эт сыалаа5ынан,куьунан,балыгынан барыанньанан,дьэдьэн,хапта5ас,хаан,хартатотуоххунан мотуйан тото итии чэй утах иьэн олус дэлэй остуоллаах ыаллар маанылатылар,аьаттылар .онон Аммам сайа5ас дьонугар,баара5ай бар5а буоллун махтал мааныта буоллун,еруу,чел чэгиэн чэбдик туруктаах,буола турун,
    Олонхо оьуордаах оло5о,дьэргэстэй ыьыа5а эьиэхэ баао эбит .ол курдук баай талым талааннаах дьоннутугартус бэйэм махталым мунура суох.😍😍😍😘😘😘☀️☀️☀️🍀🍀🍀🌿🌿🌿☘️☘️☘️