2024 сыл сааскытын уонна сайынын билгэтэ, 10.04.2024

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 13 гру 2024

КОМЕНТАРІ • 15

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  5 місяців тому +1

    Дьылдьыт Андрей Варламов: “Халлаантан өтөрүнэн таммах сиик түһүө суоҕа…”
    24.06.2024.
    Дьокуускай эргин уонна киин улуустарга мантан сайын хайдах-туох халлааны күүтүөххэ сөбүн билээри дьылдьыт, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига Андрей Варламовтыын күн-дьыл хаамыытын туһунан кэпсэттим. Онон, мантан аллара Андрей Алексеевич санаатын-көрүүтүн тиспиппин билиһиннэрэбин.
    - Мин, дойдубар 15 сыл кустаабатах киһи, быйыл саас эрдэттэн тэринэн-хомунан, муус устар 18 күнүгэр Дьокуускайтан Өлүөнэ өрүһү кыһыҥҥылыы массыынанан туораан, Муҥудайга сайылыыр дьиэбин булбутум. Тиийиибэр тэлгэһэҕэ уу-хаар бөҕө тахсан, уу саппыкылаах эрэ буоламмын дьиэбэр нэһиилэ киирбитим. Онтон ол уубут аҕыйах хоноот, көрдөрбүтүнэн көтөн-симэлийэн хаалбыта.
    Кырдьык, маҥнай көрүүгэ сир-дойду уунан бычалыйан, хаар анна бидилгэх буолан, “уу кэлэр буолла” диэн сүөһүлээх-астаах өттүлэрэ күлүктэригэр имнэнэн мүчүҥнэһэллэрэ. Өссө миигин биир дойдулаахтарым “наар куһаҕаны ыралаабыккын” диэн хомуруйардыы саҥарбыттара. Быйыл кыһын олунньу саҥатыгар хайдах саас-сайын кэлэрин билгэлээбиппин дьон билиитигэр таһаарбыккыт, тарҕаппыккыт. Дьэ, онтон туран, чурапчыларым “билгэҥ үүт-маас сөп түбэстэ” диэн хайгыыртан соло булбатылар.
    Холобур, олус тымныы, 40 хонуктаах хатааһын буолуо диэбитим аһара баран, оннооҕор анды кэмигэр тоҥордо, кусчуттар эрдэттэн сэрэнэн таба тэллэх, сылаас утуйар мөһөөччүк ылыммыттар, ону тэҥэ икки суукка сылааһын тутар тиэримэстэн итии чэй иһэн, дьагдьайбыттарын аһараллар. Кустуур саҕана күн аайы тыалырар, түүн тоҥорон бытарытар, уубут ыпсары тоҥор. Уолаттар үс мас атах оҥостон, сэһээккэ иннин бүрүйэн, олох маска олорон, кус кэтииллэр. Үс-түөрт мончуук нэһиилэ батар уутугар, тоҥмотун эрэ иһин, олороллор.
    Түүн 12-тэн 2 чааска диэри кус биллэр. Бүтүннүү кэриэтэ чыккымай кус. Мин эбэбэр кыра ырбыы тахсыбытыгар маныыбын. Уубут киэһэ 10 чаастан тоҥор даҕаны, чыккымайдар ону аахсыбакка, халтарыйан хатыыскалыы-хатыыскалыы, муус үрдүгэр түһэллэр. Хата, хараҕа мөлтөөн эрэр киһиэхэ бөлтөһөн улаатан көстөллөр. Биирдиилээн ытан, 6-7 чыккымайы ылабын. Уолум Андрей түөһүгэр диэри уһун саппыкынан, мууһу нэһиилэ солоон киирэн, ыппыт кустарбын хомуйар.
    Хоту тымныы буолан, кус барбакка эргийэ сырытта, ыам ыйын 13 күнүттэн 17-гэр диэри күүскэ киирдэ. Арай, бобуулаах мороду кустарбыт 40-50 үөрдээх үөһэнэн “дорооболоһон” ааһаллар, мончуукка кыһамматтар. Мороду наһаа элбээбит, көҥүллүүргэ сөп буолбут дии саныыбын. Үөл кус күөллэрбит сайа иликтэринэ 17-18 чыыһылаларга билиннэ. Тэринэн-оҥостон кустаабыттар быйыл сир аайы өлгөмнүк бултуйдулар. Урукку сылларга курдук, кус аҕырымнаабата. Арай, ботуруон бүтэн, сылайан, сөп буолар кустарын ылан, эрдэ дьиэлээтилэр. Ньукуолуҥҥа амсайар кустан ордорун бултуур киһитэ суох ыалларга, кырдьаҕастарга, сулумах дьахталларга үллэрэн, үөрүү үксээтэ, оннооҕор үгүс нэһилиэккэ муҥудайдар бачыымнарын өйөөн, ыам ыйын 22 күнүгэр, Ньукуолуҥҥа, кус буһаран, кус миинэ иһэрдэн, дьон махталын Чурапчы үгүс нэһилиэктэригэр ыллылар. Дьон-сэргэ күүтэр тэрээһинэ буолан эрэриттэн астынным.
    Аны сайыммыт туһунан. Сайыны даҕаны, күһүнү даҕаны эрдэ чинчилээбит санааларбыттан аккаастаммаппын, адьас төлөрүппэппин. Бэс ыйыгар ыһыахтар оройдоругар олорон эттэххэ, “кураан сайын буолуо” диэн сабаҕалаабытым сыысхала суоҕа илэ-чахчы бигэргэннэ. Сайын баччатыгар диэри халлаантан сиик түһэ илик. Арай, ыам ыйын 15 күнүгэр эрэ, бука, сөмөлүөт ыппыт былыта буолуо, Муҥудайга икки алааһы табан ааспыта. Уонна мэлигир.
    Манна хаптаҕас аһа хатан эрэр. Үрдүк хордоҕой сиргэ от үүммэт, аһыҥа ыһар буолла. Халлааммыт сөрүүн, тыаллаах-куустаах, Бөтүрүөпкэ диэри улаханнык куйаарыа суоҕа. Бөтүрүөп ардаҕын күүтүмэҥ. Кэтээн көрүүм түмүгүнэн, быйыл атырдьах ыйыгар даҕаны өлгөмнүк ардаабат. Ылдьыыҥҥа, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, барбах самыырдыа. Ыспааһаптарга, атырдьах ыйын 14, 19, 28 күннэригэр, эмиэ ардыыр чинчитэ суох.
    Онон уулаах, аһыҥата суох от үрэхтэргэ, алаастарга, уот сиэбит тыатын уута мустубут сирдэргэ отчуттар түргэн үлүгэрдик бастыҥ хаачыстыбалаах оту оттуохтара. Сүрүннээн сылаас, ыраас күннэр туруохтара. Бэс ыйыгар икки төгүл, от ыйын саҥатыгар сөмөлүөтүнэн биир эмит былыт ааһан иһэрин ытыалаан ардаҕы түһэрэн угуттаатахтарына эрэ от-мас, сир аһа ортоһуордук үүнүөхтэрэ. Уһун ардах суох буолан, тэллэй тахсара мөлтүөҕэ.
    Сөҥүү туһунан салгыы этэр буоллахха, балаҕан ыйын иккис уон хонугар ардах, сигирээн хаар түһүөҕэ. Сорох сиргэ хаар сири туртатыаҕа. Ый бүтүүтэ тымныйан, сорох сиргэ халыҥнык хаардыаҕа, балачча уһуннук сытан уулларыа. Кыстык хаар Бокуруоп кэнниттэн, алтынньы 14 күнүн аһаран баран, түһүөҕэ.
    Быйылгы билгэлээһиним барыта наар аанньатын баалаамаҥ диэн өссө төгүл көрдөһүөм этэ. Мин куйаар ситимин, интэриниэти кэтээбэт киһибин. Кыһыҥҥы хонуктары сайыҥҥа күннэргэ дьүөрэлэһиннэрэн, алтыһыннаран, кэтээн көрөбүн. Онон күн-дьыл хаамыыта, көтөр-сүүрэр майгыта, айылҕа көстүүлэрэ тугу “кэпсииллэригэр” олоҕурабын.
    Василий Никифоров

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  5 місяців тому

    Ороссолуода олохтоох Охонооьойдоруттан биирдэстэрэ: Тыал диэн кураан аргыьа. Онон ардах кэлэрэ саарбах. Бетуруеп ардага кэлиэн сеп этэ да маннык ецурук куйааска кэлэрэ биллибэт. Хата быйыл хаптагас керулуурэ буолуо. Дьэ уоннаагы отоннор мелтеьуер буолуохтара. Ерус сиргэ уу ылбыт сиригэр моонньогон уунуегэ.. Быйыл бука тэллэй тереебет дьыла буолла Онон тэллэйдьиттэр корзинагытын истиэнэгэ хам тоьоголоон кэбиьин. Отон хордьон буолан хаамыылаах доруобуйага туьалаах сыла чахчыланна. Ол гынан инникини чарапчыланан кербут суох эрээри , мин сылыктааьыннарым итинниктэр. Онтон огуруот чааьыгар уутун кыайдахха урдук уунууну хортуоппуйга, хаппыыстага, моркуопка, свеклага ылыахха сеп дьыла ууннэ.Огуруот аьыгар уунуулээх сыл ууннэ. Дьэ ол гынан от уунуутэ быйыл кураан буолан тыс сирдэрин кыпчыйара буолуо. Ерус сирдэрэ орто уунууну ылыахтара. Кураан буолан аьыца турдагына алаас сирдэр кутталлаахтар, Онон ыьыах кэнниттэн окко тэринэн киирэн иьиэхтэрин наада. Онон дьиибэ дьээбэ сайын диэбэккэ ебугэлэрбит угэстэринэн улэлээн улумнэьэн кыьыцца бэлэмнээх тиийиэгин. Билгэлээьини оцордо бэркэ билэр киьигит Ороссолуода олохтоох Охонооьойдоруттан биирдэстэрэ

  • @СергейГерасимов-й9т4г
    @СергейГерасимов-й9т4г 6 місяців тому

    Бүтүн өрөспүүкэтээҕи куоҥкурус даа ыытыахха сөп эбит, итинник буоллаҕына 😊🎉

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  8 місяців тому

    Тускул(12.04.2024):
    Бу күннэргэ Тускул иһитиннэриитин аайы «быйыл бэрт улахан уулаах саас кэллэ» диэн бэлиэтиир.
    - Былырыын күн муҥутаан эстиитэ түмүктэммитэ. Онон кураан дьыллар сыыйа халбарыйан барыахтара. Быйыл кулун тутарга да, муус устарга да Үргэл ыйы иһинэн киирэн ааста. Урукку сылларга ырааҕынан сылдьар этэ, ити биһиги өбүгэлэрбит этэллэринэн, үчүгэй дьыл кэлэрин туоһулуур.
    Былаҕачыанайап сахаларга Билгэ таҥаратынан биллэр. Сахалар ордук итэҕэйэр таҥарабыт буолар. Кэлиҥҥи үс сылга хайдах эрэ сөп түбэһэр курдук. Хайаан да бу күнү буолбакка, иннинээҕи-кэннинээҕи күннэри кэтээн көрдөххө, быйыл хайдах эрэ уулаах-хаардаах саас кэлээри турар диэн тойоннуубун. Былырыын син хаардаах этэ уонна кэмигэр ириэрэн уу кэлбитэ, күөллэр туолбуттара, үрэхтэр сүүрдүбүттэрэ. Онно эбии бу ый бүтэһик күннэригэр күүскэ ардаан, тыа хаара ирэн, сир-дойду уунан туолуоҕа. Онон быйыл улахан уу кэлээри турар. Быһыттаргытын, күөллэргитин үчүгэйдик бөҕөргөтүҥ, оккутун-маскытын өрө тардыҥ. Уу кэлэригэр эрдэттэн сэрэниҥ, - диэн сэрэтэр Тускул.
    Өрүстэр, үрэхтэр аттыларыгар турар нэһилиэктэр олохтоохторо Тускул бу сэрэтиитин болҕомтоҕо ылыаххыт диэн эрэнэбит.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  7 місяців тому

    Аркадий Охлопков, 30.04.2024: Тускул бу ый бутэьик куннэригэр куустээх ардахтар туьуехтэрэ диэбитэ ардахтарбыт мэлийдилэр, хаар уутун туунун тонорон кетутэн кэбистэ

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  8 місяців тому

    Окоемов Н.А.(Курбуьах): Быйыл күөллэр да ходуһа уулаах сытан, тоҥмуттара онон күһүөрү оттонорбут буолуо сааскыта хатааһыннаах тыалллаах буурҕалаах буолуо хаар быйыл чараас былырыыҥҥыга холоотоххо ол да буоллар орто дьылы кэтэһэбин

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  6 місяців тому

    Тускул, 20.05.2024: Тускул билгэлиир: Быйыл сайыммыт хайдах буолуой?
    Халлааммыт сылыйан, күммүт уһаан, аны хайдах сайын кэлэрин дьон-сэргэ билиэн баҕарар. Үгэс быһыытынан, норуот синоптига Тарас Тарасов-Тускулу кытта быйыл хайдах сайын буоларын туһунан кэпсэттибит.
    - Быйыл сайыммыт хайдах буолуой? Куйаас сайыны күүтэбит дуу, сөрүүн дуу?
    - Дьэ, сайыммыт хайдах буолуоҕай диэн ыйытыы элбэх киһини долгутар. Ол курдук, ыам ыйыгар халлааммыт хайдах эрэ тымныы соҕус буолла. Бу ый барыта сөҥүүтэ суох буолуо диэн этэр кыах суох. Тоҕо диэтэххэ, Бүлүү эҥэр уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга, чуолаан Нерюнгрига, Алдаҥҥа сүрдээх элбэх ардах, хаар түстэ. Бүлүү эҥэр улуустарга сөҥүүнү таһынан сааскы халаантан баһаам уу кэллэ. Арай бу киин улуустарга сөҥүү түһүүтэ аҕыйах. Ол гынан баран ыам ыйын бүтүүтүгэр ардахтыаҕа.
    - Ардахтаах сайын буолуо дуу, кураан дуу?
    - Бэс ыйыгар сылаас, сайыҥҥылыы куйаас күннэр туруохтара. Билигин күн эстиитин муҥутуур кэрчигин туораан турабыт. Иннэ гынан үчүгэй күннэр туруохтара. Киин уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарга ардахтаах буолуоҕа. Онон бэс ыйыгар ардах баар буоллаҕына оппут үүнүүтүгэр көмөлөөх. Быйыл наһаа куһаҕана суох сайын иһэр диэххэ сөп. Бүлүү эҥэр улуустарга бэс ыйыгар ардах олох суох, кураан туруо диэн этиэххэ наада. Өймөкөөн диэки арыый сөрүүн буолуо. Үөһээ Дьааҥы диэки ыам ыйыгар улахан ардаҕа суох этэ, бэс ыйыгар эмиэ оннук буолуо.
    Ордук киин улуустарга көтө-көтө ардахтаах буолуоҕа. Тымныы күннэр суохтар. Сир аһа үчүгэйдик үүнүөҕэ.
    От ыйыгар Саха сиригэр кураан күннэр туруохтара. Ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар ардах түстэҕинэ от үүнүөҕэ. Онон от ыйыгар оттуурга саамай табыгастаах кэмнэр буолуохтара. Кыра ардах баар буолуоҕа, ол эрээри куйаас, сөҥүүтэ суох күннэр элбэхтэр.
    Атырдьах ыйыгар хотугу улуустарга куйаас күннэр туруохтара. Киин улуустарга ардаҕа суох, сир аһа үүнэригэр саамай үчүгэй.
    - Быйыл улахан баһаардар туруохтара дуо?
    - Дьэ, сайынын саамай куттала диэн ойуур бааһара туруон сөп. От ыйыгар эппитим курдук кураан буолар. От ыйа уонна атырдьах ыйа - уот турар кутталлаах кэмэ диэн сэрэтэбин.
    - От, сир аһа төһө өлгөмнүк үүнүөҕэй?
    - Ыам ыйын 14 күнэ - Дьэрэмэйэп күнэ. Үчүгэй күн буоллаҕына - сайынын сир аhа өлгөм үүнүүлээх. Бу күн - сылаас, күн бөҕө тыкпыта. Ол иһин сир аһа үчүгэйдик үүнүө диэн эрэллээхпит. Оҕуруоччуттарга хаһыҥнаах күннэр суохтар.
    - Түмүк:
    - Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһыытын кэтээн көрөөччүлэр. Муус устарга үргэл ыйы иһинэн киирэн ааспыта. Ол аата быйыл үчүгэй үүнүүлээх сайын кэлэрэ күүтүллэр. Урукку сылларга үргэл ыйтан олох ырааҕынан сылдьыбыта. Мин сыллата күнү-дьылы кэтээн көрөр киһи билэбин.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  6 місяців тому

    Аркадий Охлопков: 2024 сыл ыам ыйын 31 кунугэр Чаранна кыраадыс 29°С сылыйан ылла. Бэс ыйын бастакы ардага Чаранна 12 чыыьылага кыратык тустэ.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  5 місяців тому

    Аркадий Охлопков: Икки ый устата, ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар ардах Борогонно улаханнык туспэтэ, буору эрэ хаптатар ардахтар кыратык тустулэр. Сайыммыт пока кураанннаан иьэр... Чаранна 31.05.2024 кун +29 кыраадыс итии, 21.06.2024 кун +31 кыраадыс итии буола сырытта. Бэс ыйын санатыгар Чаранна туунун 0 кыраадыска тиийэ сырытта, чуут тонорбото.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  8 місяців тому

    Михаил Куличкин: Сылын аайы прогноз билгэлиир табаарыьым Михаил Куличкин прогноьа: 1. Муус устар - ый ортотуттан былытырар.
    2. Ыам ыйа - ыйы быьа былыт. Бутуутугэр ардыан сеп.
    3. Бэс ыйа - ыйы быьа былыт. Ардахтар.
    4. От ыйа - Бетуруепкэ диэри былыттаах. Ардахтаах, онтон халлар.
    5. Атырдьах ыйа - былыт, ардахтар.
    6. Балаган ыйа - ый санатыттан былыттаах куннэр, халлар.
    7. Алтынньы ый - ыраас куннэр.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  8 місяців тому

    Тускул: По словам Тускула, нынешний июль будет одним из самых жарких за последние годы, высокие температуры будут фиксироваться в первой и второй декадах месяца во многих улусах, а приносить облегчение от жары будут дожди. По ночам в большинстве улусов установятся комфортные +15, +17 градусов, а это очень благодатная погода для хорошего роста трав и вообще всех растений.

  • @АркадийОхлопков-г9р
    @АркадийОхлопков-г9р  8 місяців тому

    Окоемов Н.А. (Курбуьах): Өрүс эҥэрдэргэ быйыл соҕуруулар халааннаатылар онон биһи да өрүспүт кыратык халаанныа кыыл сүөл эрдэ таҕыста уоннасоҕурууттан кэлэр көтөрдөрбүт быйыл эрдэлээтилэр онон дьыл кыратык эрдэлиэ онон маайга хараҕа үктэниэхпит

  • @АксиньяПопова
    @АксиньяПопова 8 місяців тому

    Этэр онтон аны ону утарар