«Сэһэн сирэ» биэриигэ: Владимир Мохначевскай туһунан (29.10.19)

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 13 гру 2024
  • «Сэһэн сирэ» биэриигэ эйэҕэс майгылаах, сэмэй, уйан дууһалаах, «Киһи киһитэ» диэн ахтыллар, аатырбыт «Чороон» ансаамбыл салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, айылҕаттан сүдү талааннаах музыкант, ырыаһыт, ону тэҥэ уран тарбахтаах уус киһи Владимир Мохначевскайы ахтан санаан ааһыахпыт.
    Кини кэргэнэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Валентина Чиркова биэриигэ ыалдьыттаата.
    Владимир Мохначевскай оҕо сааһын, дьиэ кэргэнин, айылҕаттан айдарыллан кэлбит талаанын, айымньылаах олоҕун, санаатын күүһүн, олоххо сыһыанын, дьылҕа тургутуутун ааһыытын туһунан кэпсэтиини «Сэһэн сирэ» биэриигэ сиһилии көрүҥ.
    Официальный сайт NVK-ONLINE.RU: nvk-online.ru/n...

КОМЕНТАРІ • 11

  • @ВераМонастырева-н3ъ
    @ВераМонастырева-н3ъ 5 місяців тому +1

    Биьиги кэммит эдэр сааҺа.. Валентина доруобай ,дьоллоох буол. Мин эмиэ таптыыр кэргэммин сүтэрбитим. Биьиги биир поколение дьонноробут.

  • @УстиньяСаввина-и3г
    @УстиньяСаввина-и3г 3 роки тому +4

    Валентина-Володян-наһаа мааны майгылаах,наһаа Талааннаах киһи эбит ди,Иккиэн наһаа Үлэһит Үтүө Кэрэ санаалаах ,айылҕаттан ананан төрөөбүккүт !Валентина Баҕарабын Күн Сиригэр баар Бары Үтүөнү;Доруобуйаны,Баҕа санаан Барыта туоларыгар!Иккиэн чаҕылхай Артистаргыт,Дьоллоох буол!

  • @ЕкатеринаГорохова-у6э

    Сардаана наһаа да тупсубут, красавица ! Наһаа үчүгэй передача буолла !

  • @Sargylaana888
    @Sargylaana888 4 роки тому +2

    Наhаа учугэй истин, иhирэх кэпсэтии буолан ааста 🙏 Талааннаах да киhи эбит В. Мохначевскай..

  • @dolcevita8886
    @dolcevita8886 4 роки тому +1

    Биир тыынынан иһиттим.Олус күүстээх, ыраас санаалаах дьон баара кэрэтин! Оҕо сааһым ырыалара, өрүү убайдарым истээччилэр, көрөөччүбүт! Махтал!

  • @ИринаПтицына-п4л
    @ИринаПтицына-п4л 3 роки тому

    Хаарыан талаан....

  • @ОлегСеменов-щ8м
    @ОлегСеменов-щ8м 4 роки тому

    Мшл