САНААБЫН ЭТЭБИН - Александр Бурнашов.

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 28 лис 2024
  • Александр Бурнашов - Народный артист Республики Саха (Якутия), один из основателей разговорной и музыкальной пародии в Якутии.
    социальные сети Александра Бурнашова
    ...
    burnash...
    Выражаем огромную благодарность администрации банкетного зала "София" адрес г.Якутск, улица Дзержинского 69
    Автор и ведущий канала Эдуард Баланов
    ...

КОМЕНТАРІ • 177

  • @ЛюдмилаСеменова-я6и
    @ЛюдмилаСеменова-я6и 8 місяців тому +5

    Наьаа да учугэйдик бэргэнник оруобуна эттэ Александр❤❤❤будуруйэн охтон биэрэр санаам суох диэн наьаа да кынаттаах тыллары эттэ❤❤❤

  • @МарияСпиридонова-ц7д
    @МарияСпиридонова-ц7д 10 місяців тому +2

    Бэртээхэй биэрии😊 Александр курдук сүдү артьыспыт туһунан өссө да элбэҕи биллибит киэн туттабыт сүгүрүйэбит Эдуард олус холку уонна тактичнай ыытааччы эбит махтал😊

  • @ЛюдмилаСеменова-я6и
    @ЛюдмилаСеменова-я6и 8 місяців тому +2

    Туохтан да киьи куттаныа суохтаах,киьи ылыста да тиьэгэр тиэрдиэхтээх❤❤❤саамай сепке эттэ😊😊❤

  • @АмадыайаТретьяк

    Биир баар суох артыыспыт Александр Бурнашев, олох сөпкө да сааһылаан саҥарар, кини тулуурдаах буолан биһиги Сахая диэн чаҕылхай ырыаһыттаахпыт, иккиэн үлэһит, норуот дьонноро, олох күүстээх хайҕабыл, махтал, куруутун бу курдук үөрэ- көтө, саха5ыт дьонун сэргэхситэ сылдьын, 30 ча сыл саха эстрадатын эһиги тутан олоро5ут диэн этиэххэ, билиниэххэ наада, өссө да күлүмүрдээн, сыдьаайын, норуот таптала кэлэ турдун❤❤❤❤❤❤❤

  • @ВасилийЗахаров-г7я

    Александр Бурнашов үтүө аламай санааҕынан доруобай буол, оҕолоргор кэргэннэр дьолу, бастын буол✊

  • @mariyayakovleva914
    @mariyayakovleva914 Рік тому +3

    ❤ити эстрада үбүлүөйдээх кэнсиэригэр сөбүлээбэтим дьиибэ кэнсиэр биир Да звездочка суох Бурнашовтар суохтар.Бары үчүгэйи баҕарабын

  • @СаргыланаМакарова-т9п

    Наьаа ла учугэй артист, кэргэн , ага. Санаатаыраа учугэй буолан элбэх оголонного.ого кини ологун киэргэтэр буоллага. Кэргэнин наьаа убаастыыр ойдуур эбит. Сахайа эмиэ маннык киэн коруулээх буоланнао улахан дьиэ кэргэн эбиттэр.этэннэ буолун олоххут к эн аартыга дьолу соргуну элбэттин.!

  • @МарфаПопова-щ4ъ
    @МарфаПопова-щ4ъ Рік тому +13

    Александр наһаа үчүгэйдик кэпсиигин, киһи эрэ истэ олоруох курдук. Оҕо сылдьан сайылыкка оҕолору наһаа үчүгэйдик түмэн илдьэ сылдьар эбиккин, бу кэнники санаатахха. Лампа сайылык биир чаҕылхай ыччата. Наһаа үлэһит, кыайыгас, элэккэй Александр, өссө наһаа минньигэстик зебра бисквиты буһаран сайылык дьонун күндүлүүрэ. Уопсайынан киһи киһитэ, өссө даҕаны айымньылаах үлэн аартыга кэҥээн истиҥ. Ситиһии сиэттиһэ, кыайыы кыттыһа сырыттыҥ ❤❤❤

  • @РозалияСтепанова-с3л

    Наһаа үчүгэй передача❤ Тапталлаах Артыыспыт толору Дьоллоох буол! Баҕа санааҥ барыта туоллун❤🎉🎉🎉🎉🎉

  • @useruser-cf9dp
    @useruser-cf9dp Рік тому +7

    Александр сурдээгин арыллан кэпсэттэ. Маладьыас,бага санаата туоллун, доруобай,дьоллоох эрэ буоллун. Бэйэтэ истин,утуе санаалаага кэпсэтэригэр да кестер. Кытаат,ситиhиилэри👋🙏

  • @ВасилийБорисов-э9у
    @ВасилийБорисов-э9у 10 місяців тому

    Наьаа учугэй кэпсэтии дьэ чахчы норуот тапталын ылбыт киьи Александр Бурнашев айар улэгэр ситиьиилэри дьиэ кэргэннэр дьолу тапталы багарабын❤

  • @Amga-lana83
    @Amga-lana83 Рік тому +10

    Норуот тапталлаах пародиһа Александр Бурнашев ис сүрэҕиттэн олус аһыллан туран кэпсээтэ🙌👏👏👏

  • @НюргуянаНикифорова-ц5г

    Олох истин кэпсэтии буолла ТАЛААННААХ, НАРОДНАЙ АРТЫЫСПЫТЫН КЫТТА! АЛЕКСАНДРГА дьолу, доруобуйаны, ба5а санаата туоларын ба5арабын! ЭДУАРД, махтанабын маннык канал аьан утуе дьоммутун керен, истэн дуобуйарбытыттан!

  • @Jirkow_Production.
    @Jirkow_Production. Рік тому +12

    Поздравляю Народного Артиста Республики Саха(Я) Мы молодое поколение Восторгаемся Восхищаемся Приумножимся Вами!

  • @ВалентинаВинокурова-о8з
    @ВалентинаВинокурова-о8з 10 місяців тому +1

    Сахаайа абыраммыт,киэн кэ5устээх эрдээх Саша, тэрит сарыысса уонна хотун.

  • @ОксанаТрунина-ж1ш

    Театр эстрада салайааччытынан улэлиэн сеп бастын артыыспыт❤ истин кэпсэтии буолла❤

  • @harakihi
    @harakihi Рік тому +5

    Алыс үчүгэй биэрии. Эдуард каналын сайдан истин 👍 араас көрүүлээх, сахалыы сайаҕас, мындыр, дойду бэлиэ-күүстээх дьоннорун кытта араас хайысхаҕа сэһэргэһии дьоҥҥо үтүөнү эрэ а5алар. Алыс бэрт контент

  • @ИраидаКириллова-щ6я

    Александр ситиьиитин, кэпсиирин, улэтинэн ситиьиитин сөбулуубун. Киьи быьыытынан убастыыыбын. Эстрада театр салайааччынан Александр Бурнашев кэргэнинээн буолуон багарабын. Циркабыт курдук сайдыа этилэр

  • @user-gz8hx7rt4c
    @user-gz8hx7rt4c Рік тому +21

    Дьиҥнээх эстрада артыыһа Александр Бурнашевка махтанабыт наһаа үчүгэй аһаҕас кэпсэтии буолла. Ба5арабыт үүнэ сайда тур, үлэҕэр ситиһиилэри, доруобай буол, көрөөччүлэрин сүгүрүйүүлэрин ыла тур❤👏👏👏 Бенефис куутэбиит

    • @ЛюдмилаНовикова-н9о
      @ЛюдмилаНовикова-н9о Рік тому +3

      Александр, тыа эмээхсиниттэн эҕэрдэ!
      Эн биир үчүгэй өрүтүн көрөөччүгэр убаастабыллаах сыһыан, киниэхэ таптал! Ол иһин эн Сулускун! Ол иһин эн норуот тапталлаах артыыһаҕын!
      Кытаат, астына үлэлээ- хамсаа! Доруобай буол дуу!
      Олоҕун санаан хоту салаллан истин!❤

  • @Сарыада-л7э
    @Сарыада-л7э 10 місяців тому

    Эҕэрдэ! Бэрт да бэрт кэпсэтии буолла! Өссө даҕаны үрдүктэн үрдүк ситиһии сиэттиһэ сырыттын, олоххор чөл_чэгиэн буолуҥ!❤❤= Сарыада=Горнай

  • @АннаШепелева-э2ж

    Александрга ситиьиилэри🙌😍 Александр баар буолан Эдьиий Марыына биьиэхэ боростуой дьоццо умнуллубакка сылдьар куц бугуццугэ диэри👏👏👏🤩🤩🤩 Бар5а махтал буоллун эьи дьиэ кэргэццэ♥️

  • @РиммаКорнилова-с5б

    Кинигэ кэтэ4эбит, мин санаабар,на4аа учугэй, истин ахтыылар буолуохтара👍👍

  • @olesovaepolesova3993
    @olesovaepolesova3993 Рік тому +3

    Эҕэрдэ Александрга! Айар үлэҕэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, МАХТАЛ, ытыс тыаһа уҕараабатын, доруобай- чэгиэн буол, дьоллоох буол куруутун!

  • @МарияВерховцева-ч9э

    Кытаат этэццэ сырыт,айар улэ5эр ессе ситиьиилээри,дьиэ кэргэццэр дьолу,оьоххут буруота ыраахха дылы унаардын❤

  • @ЛарисаГоворова-ш3д

    Сарсыардаттан наһаа үчүгэй ,истиҥ биэриини истэн- көрөн астынным , дуоһуйдум ❤
    Махтал Эдуардка ,Мэҥэ уолугар ,Улуу Артыыска Александрга!!!

  • @МартаСлепцова-у6д
    @МартаСлепцова-у6д 10 місяців тому +1

    Олус учугэй истин кэпсэтиини кердум, иhиттим, ыытааччыга, кыттааччыга бар5а махтал!
    Александр, ба5а санаан хоту о5олоргун утуекэн дьон гына иитэргэр ба5арабын. Кинигэ5ин, быыс-соло булан, хайаан да суруйаар, отой кэрэхсэбиллээх кинигэ буолуо диэн эрэнэбин. Пародия5а куонкурус тэрийэргит буоллар, дьэ талааннары таhаартыан этэ. Дьинэр, талааннаах дьон элбэх, ордук тыа сиригэр. Сонун кестуу буолуо этэ.
    Эдуард, араас бырыынчык, киhи ис дьинин туерэр ыйытыылары тобулан биэрэргинэн маладьыаскын. Бэйэн ити ыйытыыларгар хайдах эппиэттиэн этэй? Эйигин, дьиннин эмиэ билиэ5и ба5арыллар эбит :)

  • @ТамараАндреева-ы9ь

    Эдуард Балановка махтал, наһаа үчүгэй биэриини оҥороҕуҥ, ис сүрэхпиттэн хайгыыбын,махтанабын❤ Александар Бурнашов бэйэтин передачатын хайдах эмэ салҕаан өссө да ыытара буоллар диэн эрэнэ күүтэбин❤

  • @ДианаДьячковская-м8ы

    Аҕыйах видео, хаартыска кыбыллыбыта буоллар ааттаах биэрии буолуо этэ🙂 Александр Бурнашову оҕо сааспыттан билэбин, убаастыыбын, кини юморга угуйбута, пародияны таптыырга үөрэппитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо😊 Ситиһиини баҕарабын!❤

    • @harakihi
      @harakihi Рік тому

      Чахчы сөптөөх сонун этии

  • @Сарыада-л7э
    @Сарыада-л7э 10 місяців тому +1

    Александрга улахан махтал! Бинифис көрдүм, олус астынным, Наар кэтэһэр этим эн кэнсиэргин. Дьиҥ сахалыы ааттанаргыт буоллар Аар тойон таҥара өссө үрдүккэ үтүөх этэ! Дьиэ кэргэҥҥэр чөл, чэгиэн олоҕу, дьоллоох түгэн өссө даҕаны кэлэ турдун !=Сарыада= Горнай ❤❤❤🎉🎉🎉😂🎉

  • @МарияДенисова-м3э
    @МарияДенисова-м3э 11 місяців тому

    Александр соготох пародист Ол иьин хатыламмат артист Кини таланын улахан уолугар хаалларыан багараьын

  • @МираСидорова
    @МираСидорова Рік тому +3

    Наһаа үчүгэй биэриини бэлэмнээбиккэр Эдуард Балановка улахан махтал, элбэх ситиһиилэри.
    Убаастыыр, тапталлаах артистбытыгар Александр Бурнашовка бары үтүөнү, дьолу, кытаанах доруобуйаны

  • @Algustaach
    @Algustaach Рік тому +23

    🎉🎉🎉🎉❤❤❤❤❤Олус учугэй биэрии! Табыллыбыт. Авторга уонна артиска доруобуйаны,инники ситиьиилэри🎉🎉🎉🎉🎉🎉

  • @Сарыада-л7э
    @Сарыада-л7э 10 місяців тому

    Эҕэрдэ! Бэрт да бэрт кэпсэтии буолла! Өссө даҕаны үрдүктэн үрдүк ситиһии сиэттиһэ сырыттын, олоххор чөл_чэгиэн буолуҥ!❤❤

  • @sakhauola6832
    @sakhauola6832 Рік тому +14

    Саха норуотун бастыҥ артыыһа, киһи көрөн кырдьык дуоһуйа сынньанар артыыһа.

  • @МарияСтручкова-ы5ф

    Наьаа истин аьагас кэпсэтии буолбут, астынным, уйадыйан да ыллым. Бастын бу уустук жанырдаах артыыспытыгар Александрга ессе айан улэтигэр ситиьиилэри, тус бэйэтигэр , чугас дьонугар доруобуйаны , дьолу. Бенефис кэнсиэрэ урдук таьымнаахтык, элбэх керееччу сэнээриитин ылыа диэн эрэнэбин. Махтаал )

  • @АфанасийТомский-й5в

    Александр олус ытыктыыр, себулуур артыыспыт, ессе да норуоккун уердэ, уьун сылларга таьаарыылаахтык айа-тута сырыт! Эстрада театра билинни улэтин олох себулээбэппин. Табыллыбатах хор, ансаамбыл. Сахалыы тыына суох, профессиональнай да еттунэн мелтех. Эдуард, биэриигэр махтанабын, ол эрэн тереебут тылгын сепке туттан санарарга дьулус. Сайдыыны!

  • @АльбинаПавлова-ш4н

    Э.Балановка махтал. Ис сүрэхтэн кэпсэтии буолла. Александрга баҕа санааларыҥ туолалларыгар баҕарабын. Саха эстрадатын юбилейнай концерыгар чахчы эстрада сайдыытыгар кылааттарын, сыраларын сылбаларын биэрбит артыыстар кыттыбатахтара хомолтолоох.

  • @ИринаБястинова
    @ИринаБястинова Рік тому +3

    Оннук ээ тигинэччи сырыт, 55 саас диэн эр киьиэхэ саас буолбатах. Олох биир тыынынан кердум , олус учугэй кэпсэтии.Ессе да айа тута дьоннут уэрдэ кетутэ сырыт . 👍👏😍

    • @AlexAlex-oe1gv
      @AlexAlex-oe1gv Рік тому

      Ээ хайдах саас буолуо суоҕай эр киһи 60 сааска эрэ тиийэллэр орто саас. Сүүс саас диэн сымыйа киһи тиийбэт биир эмэ чүөчэлэр тиийэллэр.

  • @lenagorokhova8008
    @lenagorokhova8008 Рік тому

    Олус да истин интервью, анардас керен киьи Александр интеллигентнайыттан, утуе санаалаагыттан астынар! Бары утуену, кэрэни

  • @ХаритинаБогдокумова-п4р

    Наһаа үчүгэй, истиҥ кэпсэтии буолла, Александрга да Эдуардка ситиһиини ❤

  • @ЕленаЛебедева-ш1с

    Александр наһаа истиҥ үчүгэй санаалаах ,үлэһит үтүө киһи үлэтигэр ситиһиини баҕарабын ❤😘👍

  • @ЗояВасильевна-е1т

    "Кемус ааттар" диэн передачатын себулээн керебун. Доруобуйаны, уьун оло5у ба5арабын!!!

  • @АлександраСаввинова-е2э

    Истиҥ кэпсэтии буолла. 👍Александр Бурнашев ийэтэ Капиталина Прокопьевна биһиэхэ комендант этэ ЯПУ -2 -ҕа. Аһара эмоциянальнай этэ, элбэх саҥалаах, дьаһахтаах. Биир кэм бокуойа суох үлэһит. Үчүгэй да уолу ииппит👍

  • @ПрасковьяЕгорова-э1ь

    Эдуардка махтал наһаа үчүгэй Александры кытта кэпсэтии таһаарбыккар❤

  • @ВалентинаАфанасьева-к4ш

    Наһаа үчүгэй передача буолла,убаастыыр талааннаах артиспытын А Бурнашеву кытта интервью,ис санааттан аһаҕас кэпсэтии.Эстрада театрын салгыы илиилэригэр ылан Александр,Сахая дьиҥнээх талааннары арыйан, күүскэ мастерстволарын сайыннаралларын күүһүрдэн эстрада театра дьону ыҥыра турара буоллар инникитин,саҥа жанрдары түмэн ,ханнык да араҥаны тардар курдук.

  • @ВасилицаСтар
    @ВасилицаСтар Рік тому +4

    Истин аьа5ас наьаа учугэй интервью буолбут 👏🏻👏🏻👏🏻 Олох тууннэри биир тыынынан тохтоппокко кордум 😅Урдук таьым урдук культуура куустээх санаа мындыр толкуй Александр 👏🏻👏🏻👏🏻

  • @АксиньяЕвсеева-л2о

    Махтал Александр !
    Дьиҥ бэйэҥ айылгылаах кистэлэҥиҥ ,тахса,үүнэ-ситэ,элбии ,соһуччу үөрдэ турдун !
    Дом!!!

  • @Сарыада-л7э
    @Сарыада-л7э 10 місяців тому +1

    Эҕэрдэ! Бэрт да бэрт кэпсэтии буолла! Өссө даҕаны үрдүктэн үрдүк ситиһии сиэттиһэ сырыттын, олоххор чөл_чэгиэн буолуҥ!❤❤= Сарыада=Горнай 22:12

  • @Marfa-w8t
    @Marfa-w8t Рік тому +3

    Александр, кинигэ суруйан, сахаҥ дьонугар бэлэх уунаргын кэтэһэ хаалабын. Наһаа истиҥ кэпсэтии таҕыста. Махтал! 🎉

  • @МатренаАндреева-ь4в

    Наьаа да учугэй, ис-сурэхтэн тахсыбыт кэпсэтиилээх передача буолла, киьини толкуйдатар да, уйадытар да, дууьан кылын таарыйан элбэххэ уерэтэр дириц ис хоьоонноох 🙌🏻
    Саша инникитин ба5а санаан туола турдун!
    Ютуб каналга маннык передачалаах Эдуард Балановка ситиьиини! 👍🏻👏🏻😍❤️🙏🏻

  • @ЕвгенияГригорьева-м3г

    Олус истиҥ иһирэх кэпсэтии буолбут. Александр, кинигэҕин күүтэбит😊

  • @ЛарисаГоворова-ш3д

    Театр директорынан аныахха сөп Александр Бурнашеву

  • @fedoragrigorieva6246
    @fedoragrigorieva6246 Рік тому +2

    Хайҕал, махтал! Александрга эҕэрдэ! Баҕа санааларыҥ туола турдуннар!

  • @АнастасияВасильева-д4ц

    Олус да истиҥ, аһаҕас кэпсэтии, санаа үллэстиитэ биир тыынынан көрдүм. Тапталлаах артыыспар үбүлүөйдээх сааскынан итии - истиҥ эҕэрдэ. Биэрии ыытааччытыгар бэрт сонун биэриини оҥорон таһаарбыккар улахан махтал. Каналын өссө сайдан истин, саҥа сонун ыалдьыттары күүтэбит.

  • @АльбинаЕгорова-й3т

    Наьаа учугэй передача .махтал.
    Александр бага санаан туоллун,Оссо да айа тута тур!

  • @ИраидаКириллова-щ6я

    Бурнашев Александр эстрада театр салайааччынан керебун 1з

  • @shoni_ivanova
    @shoni_ivanova Рік тому +2

    Наьаа учугэй этиилэр, ба5а санаалар этилиннилэр, ситиьиини ба5арабын!!!

  • @АлинаРожина-ъ2з
    @АлинаРожина-ъ2з Рік тому +2

    Сурдээх учугэй кэпсэтии буолбут, Александрга улахан махтал👏🏼👏🏼👏🏼эссэ да бар дьоннун уэрдэ кэтутэ, кинилэр махталларыгар уйдара сылдьаргар базарабын👏🏼👏🏼👏🏼

  • @НаташаПавлова-ю8ф

    Эгэрдэ, Александр Бурнашевка!!!

  • @КсенияВасильевна-э8ь

    Таҥара алҕаатын олоххун, кэргэҥҥин, оҕолоргун, уһун дьоллоох олохтонуҥ, оҕолорун үөрдэ сырыттыннар, барыта табыллан истин үлэҥ, олоҕун, Таҥара куруук араҥаччылыы сырыттын, дьиэгитигэр таптал, Ил эйэ, өйдөһүү, өйөнсуу баар буоллун 🙏🙏❤️

  • @Второйсаша
    @Второйсаша Рік тому +2

    Барбытын сана биллим,Александр Сырдык киьи, дьоннун сэргэгин уордэ тур, доруобуйаны,кырдьык оголор кыралар, атахтарыгар туруортаан,уьун уйэлэн!

  • @НадеждаИннокентьева-ъ7щ

    Эҕэрдээ,сэдэх талааннаах киһиэхэ👏👏👏🎂🎂🎊🎉💐💐💐,олоҕуҥ уһун суола, санаабытын хоту сатанан, этэҥҥэ баран истин!!

  • @ТатьянаСпиридонова-ю1г

    Наһаа үчүгэй биэриини көрөммүн астынным ахан. Эдуард биэриилэрин сэҥээрэн көрөбүн. Син элбэҕи көрдүм. Александр Бурнашев айар үлэтин, биэриитин сэҥээрэн көрөөччүбүн. Бу биэриигэ аһаҕас, истиҥ кэпсээни истэммин, өссө Александр бэйэтэ айылҕалааҕын биллим. Пародист буолбатаҕа буоллар арчыһыт дуу, эмчит дуу буолуон сөптөөх эбит. Махтал иккиэҥҥитигэр👏👏👍👍❤️❤️❤️🙌🙌🙌

  • @БаягинЕгоров
    @БаягинЕгоров Рік тому

    Өйдөөх киһи артыыс буолар диирэ саамай сөп. Норуот тапталын мээнэ киһи ылбат. Куруук дьон хараҕын далыгар сылдьар киһиэхэ ол өссө уустук. Александр Бурнашов улахан артыыс, сүдү киһи буоларын көрдүм.

  • @МарфаФедорова-г9э

    Олус истин кэпсэтии. МАХТАЛ! МАХТАЛ! МАХТАЛ! АЛЕКСАНДРГА ❤УОННА ЭДУАРДКА❤

  • @ТамараМалышева-у7ю
    @ТамараМалышева-у7ю 11 місяців тому

    Дьэ, сана кердум, наьаа учугэй биэрии буолбут,кырдьык, урукку артыыстар чагылхайдар этэ. Сепке этэр, эстрада театрын артыыьа сулус буолуохтаах диэн.Билинни эдэр ырыаьыттар массага симэлийэн эрэллэр.Холобура, Сайсары. Театр салалтата ону ейдуе диэн эрэнэбит. Александрга доруобуйаны, санаалара туоллуннар.

  • @СаргыланаРоманова-ь1ф

    Инники эттугэр эссэ урдук ситиьиин дьолу доруобуйаны ба5арабын

  • @кириешка-о8ю
    @кириешка-о8ю Рік тому +1

    Александр Бурнашов театры салайыахтаах этэ..опыт беге,талаан беге,эстрада им кухнятын ымпыгар чымпыгар диэри билэр..

  • @ТатьянаБерезина-д8ы

    Оссо урдук ситиьиилэри, Александр! 🙌👏🙏

  • @ЛуизаСеменова-з4м

    Александрга үлэҕэр өссө улахан ситиһиини айар үлэҥ толкуйдаабыт санааҥ барыта туоларыгар баҕа санаабын этэбиин🎉

  • @IgorYkt0403
    @IgorYkt0403 Рік тому +5

    К новому году ждём новый проект Вашей семьи👍👍

  • @mirmarnik
    @mirmarnik Рік тому +1

    Олус истиҥ кэпсэтии буоллп биир тыынынан көрдүм. Сөбүлүүр артыыспыт үбүлүөйгүнэн Эҕэрдэлиибин. Дьиэ кэргэҥҥэр өйдөһүүнү, тапталы, дьоллоох буолууну баҕарабын👏👏👏❤️❤️❤️😊😊

  • @МусяАрг
    @МусяАрг Рік тому +1

    Александр,кэнсиэрин үрдүк таһымҥа барыа диэн эрэнэбит.Эдьиий Марыынаны көрдөрөрүнэн киэн туттабыт.Олох бэйэтэ киирэн кэлбит курдук.Өссө сцена таҥаһын тутан көрөрүн наһаа күлүүлээх этэ.Өссө үрдүк ситиһиилэри.😊

  • @phedorkharitonov6804
    @phedorkharitonov6804 Рік тому +2

    Быр-бааччы оллоонноон олорон бэртээхэй СЭЛЭҺИИ буолла Доҕоттоор !!!👍🏽

  • @ЕвдокияАнтонова-и9ф

    Кырдьык,олус үчүгэй биэрии буолбут.Ыытааччы да холку ,ыалдьыт да ис- иһиттэн аһыллан кэпсээтэ. Александр норуот улахан тапталын ылыан ылар АРТЫЫС🎉🎉🎉 Сөпкө этэҕин: Туох барыта кэмнээх- кэрдиистээх,буолуохтаах буолар. Наһаа санааҕын түһэримэ! Үлэһит киһини үлэ бэйэтэ булар,билиҥҥи хаарчахтан төлө көтөн, биһигини,көрөөччүлэргин,өссө да үөрдүөҥ, сөхтөрүөҥ дии саныыбын. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэр,Эйиэхэ ол барыта толору баар эбит.Бэйэм баҕа санаабар туспа бэйэҥ чааһынай студияланан, норуокка биллибит улуу артыыстарбыт туһунан передачаларгын салгыы ыытыаххын, кинигэ суруйуоххун баҕарабын. Далбар Хотуҥҥар, оҕолоргор, бэйэҕэр дьолу ,ситиһиини,доруобуйаны баҕарабын.

  • @ЕкатеринаИванова-р7з2ж

    Александрга дьиэ кэргэнигэр дьолу тапталы

  • @ЛюбовьВарламова-г5ъ

    Наһаа үчүгэй,истиҥ кэпсэтии буолла.кырдьык да күүстээх санаалаах артыыс
    Эдуард Баланов наһаа үчүгэйдик ыытар эбит.Землякпар өссө да ситиһиилэри баҕарабын 🎉🎉🎉

  • @АнтонинаМаксимова-н5э

    Улуустарга концертыырын сүрдээҕин кэтэһэбит, эрэнэ күүтэбит, ситиһиилээх үлэни

  • @ЕвгенияШараповаБорисова

    Хотелось бы ещё такое интервью ещё с Далааной, Олимпия, Варя Максима игин.😅

  • @Вывка-э5ц
    @Вывка-э5ц Рік тому +3

    Александр Бурнашев Эстрада театрын салайааччыта буоларыгар бары буттуун турунуо5ун 1:06:02

    • @ИвановаВалентина-х3в
      @ИвановаВалентина-х3в Рік тому

      Дьон дьиибэ ба5айы, Салайааччы уонна артыыс диэни араарбаттар ээ. Салайааччы буоллахтарына, ыллыы туойа сылдьыбаттар ини😂.

  • @ЛюдмилаБурнашова-ы8г
    @ЛюдмилаБурнашова-ы8г 10 місяців тому +1

    Олус сэргэх, астык кэпсэтии. Махтал 🙌

  • @АлинаОконешникова-ш9й

    Бэт үчүгэй , аһаҕас кэпсэтии буолбут, иһиттим , Сашабытыгар улахан махтал одноклассниктар ааттарыттан Табаҕа тсш 85, эйигинэн киэн туттабыт , өссө да ситиһиилэри, дабайыылары , эрэнэ куруук кэтэһэбит Сашабытын , Владаны , туох баар үчүгэйи , дьиэ кэргэннэр дьолу соргуну баҕарабыт, өссө да барыта иннибитигэр , ол иһин иннибит диэки , Мэнэлэр хайа үрдүгэр буоларбытын умнубаппыт ! ❤

  • @Вера-о8з1д
    @Вера-о8з1д Рік тому +1

    Биир дойдулаахпытын, убаастыыр артыыспытын биир тыынынан көрөн дуоһуйдум, астынным. Биэрии ыытааччытыгар өссө да маннык интэриэһинэй ыалдьыттары ыҥыра тураргар, артыыспытыгар Александр Бурнашевка доруобуйаны, ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, тапталы❤

  • @ЕкатеринаГорохова-у6э

    АЛЕКСАНДР КИНИГЭ СУРУЙАРГЫТ ЭБИТЭ БУОЛЛАР БЭРТ ДА БУОЛУОХ ЭБИТ ! АЙАР ҮЛЭҔЭР СИТИҺИИЛЭРИ, БАҔА САНААЛАРЫҤ БАРЫТА ТУОЛАН ИСТИННЭР,БӨҔӨ ДОРУОБУЙАНЫ БАҔАРАБЫН. ЭДУАРД МИХАЙЛОВИЧКА ИНТИРИЭҺИНЭЙ БИЭРИИНИ БЭЛЭМНЭЭН ТАҺААРБЫККЫТЫГАР МАХТАЛ ! ӨССӨ ДА ИНТИРИЭҺИНЭЙ ЫАЛДЬЫТТАРЫ ЫҤЫРАН КЭПСЭТЭРГИТИГЭР БАҔАРАБЫН.БИИР ДОЙДУЛААҔЫҤ ЕКАТЕРИНА.

  • @МаринаЯковлева-ъ4м

    Идэтигэр бэриниилээх киһиттэн киһи астынар.

  • @ИринаПетровна-т4х

    Ситиьиилэри,
    Саха быт баар суох уолугар.

  • @ИраидаКириллова-щ6я

    Эстрада театры салайарга Алексан, Сахайа Бурнашевтар буолуохтара этэ. Цирк Растаргуевтар аатырдаллар

  • @ИринаПетровна-т4х

    Культура миниистирэ болон сеп.
    Александр.

  • @ЕгорБлахиров
    @ЕгорБлахиров Рік тому +1

    Бэрт биэрии🙌, звук оттун тупсарыахха наада.

  • @user-cv8no1xn8e
    @user-cv8no1xn8e Рік тому +2

    Сарсыарда тураат керен астынным. Бэттээхэй кэпсэтии.

  • @ГаняГаврил
    @ГаняГаврил Рік тому +2

    Махталларын доруобай буолун кырдьыман, сааьырын сааьырыы дьол🙌

    • @sofyasavvinova4495
      @sofyasavvinova4495 Рік тому

      Баланов махтал, ыйытыыларын олус солуннар, кэрэхсэбиллээхтэр. Онтон Александр эппиэттэрэ аһаҕастар, истиннэр. Махтал, Александр, эдэргин аны 20 сылынан бу передачаны көрөн, барыта сөптөөҕү эппиппин дии саныаҕыҥ. Тоҕо? Мин 75 саастаахпын, сиппит киһибин, эн бүгүн эппит этиилириҥ, толкуйуҥ оруобуналар. Таҥара көмөтүнэн ситиһииттэн ситиһиигэ баран иһиҥ, эдэргит айар тутар бириэмэҕит өссө да элбэх.

  • @Күлүмхоһоонноро

    Истиҥ да кэпсэтии буолбут! Александр ис туругун, киһи быһыытынан хайдаҕын арыйбыт Эдуард Балановка махтал! Сайдыыны, инники диэки дабайыыны!

  • @РозалияЧабыкина

    Биэриини астына көрдүм,Александрга дьиэ кэргэҥҥэр үтүмэн үгүс үөрүүнү ,дьолу -соргуну ,доруобуйаны уонна эн суруйьут кинигэҕин ааҕыахпын баҕардым...

  • @ИринаПетровна-т4х

    Сайылыккыттыттан тэйимэҥ.

  • @ПавелЕфимов-о4ч
    @ПавелЕфимов-о4ч Рік тому +1

    Махтал Эдик. Икки сэмэй, айдарыылаах дьон, илэ кэпсэтиитэ бэртээхэй буолбут!

  • @ИяПавлова-м3я
    @ИяПавлова-м3я Рік тому +2

    Наьаа учугэй биэрии👏👏👏

  • @КлавдияОконешникова-и4и

    🙏🏼😍💕Этэннэ буол

  • @ТатьянаНиколаева-ж5ф

    Ити эстрада театрын туһунан сөпкө этэр, наһаа да үчүгэй сүрэхтэн тахсар кэпсэтии буолла, махтал

  • @ЛинаидаТерентьева

    Бэрт кэпсэтии буолбут🙌

  • @СветланаДанилова-ч3л

    Ис сүрэхтэн кэпсэтии,аһара астына иһиттим