Атыҥҥа анаммыккын - Ponsash & Fiesta. Якутская музыка (L) Атынна анаммыккын

Поділитися
Вставка
  • Опубліковано 21 гру 2024

КОМЕНТАРІ • 1

  • @TheYagluth
    @TheYagluth  4 місяці тому +1

    Текст «Атыҥҥа анаммыккын»
    Ponsash & Fiesta
    -*_(Fiesta)_*
    [Истиий, сүрэх тэбэрин, кинини эйиэхэ биэрэбин,
    Чыычаах, таптыыбын диэн, итэҕэй, наһаа күүскэ]
    -*_(Ponsash)_*
    Билбэппин тугу саныыр буолаҕын
    Көрөбүн сэрэйэ эрэ астынаргын
    Атаахтыыр харахтаргын, туохха тэҥниэхпин булбааппын
    Үҥэр таҥарам курдуккун, суоххар түүлбэр үөрбэт буолбуппун
    Суоххуна тымныйар, бааргына таптал уота умайар
    -*_(Fiesta)_*
    Билэбин эйиэхэ мин анамматахпын,
    Эн уолуҥ доҕоруҥ да буолбатахтын,
    Барыта эчи уустугун, ол эрэн миигин эн олус күүскэ ууруугун,
    Сылаастык да кууһаҕын м-м куруутун, ол онтон мин үөрэбин да олуһун
    Эн биһи аналбыт тус туһунан, дьылҕаны утары бардыбыт тутуспутунан
    -*_Припев (Ponsash)_*
    Билэбин эн миэнэ буолбаккын
    Ол эрэн олохпор суолталааххын
    Сэрэйэбин, атыҥҥа анаммыккын
    Ол эрэн эн сүрэххэр баарбын
    -*_(Fiesta)_*
    Өйдүүбүн өрүү маннык буолбат,
    Ол эрэн сүрэх сүтэриэн баҕарбат, (Хаһан да)
    Маннык күндү киһибин, (Эйиигин сэгэрбин)
    Барыта тугунан бүтэрин билбээппит,
    Туох түмүк кэтэһэрин сэрэйбээппит,
    Миэхэ эн бааргын, атын оонньообот оруолун
    Итэҕэй эйиигин таптыыр уолу,
    Барыахпыт, ким да билбэт сиригэр
    Ананыа онно барыта иккиэммитигэр,
    Эн биһи, аналларбыт атыттар
    Бырастыы, эйиигин таптаабыппар..
    -*_(Ponsash)_*
    Ис сүрэхтэн тиэрдэбин махталбын,
    Умнуох суоҕа сылаас эн сыһыаҥҥын,
    Куруус санааны сүтэрэҕин кэрэҕиннэн,
    Сандаараҕын эрэйдэри мичээргинэн,
    Эн сүрэххэр сынньалаҥы Билэбин,
    Барыны бары кистээбэххэ кэпсиибин,
    Ардыгар күлсэн кэбиһэбит,
    (Бииргэ төрөөбүттэр курдукпут дэһэбит)
    -*_Припев (Ponsash)_*
    Билэбин эн миэнэ буолбаккын
    Ол эрэн олохпор суолталааххын
    Сэрэйэбин, атыҥҥа анаммыккын
    Ол эрэн эн сүрэххэр баарбын

    -*_(Fiesta)_*
    Өйдүүбүн өрүү маннык буолбат,
    Ол эрэн сүрэх сүтэриэн баҕарбат, (Хаһан да)
    Маннык күндү киһибин, (Эйиигин сэгэрбин)
    -*_Припев (Ponsash)_*
    Билэбин эн миэнэ буолбаккын
    Ол эрэн олохпор суолталааххын
    Сэрэйэбин, атыҥҥа анаммыккын
    Ол эрэн эн сүрэххэр баарбын
    -*_(Fiesta)_*
    Өйдүүбүн өрүү маннык буолбат,
    Ол эрэн сүрэх сүтэриэн баҕарбат, (Хаһан да)
    Маннык күндү киһибин, (Эйиигин сэгэрбин)
    -*_(Fiesta)_*
    [Истиий, сүрэх тэбэрин, кинини эйиэхэ биэрэбин,
    Чыычаах, таптыыбын диэн, итэҕэй, наһаа күүскэ]